Арассыыйаҕа саҥа массыыналарга орто сыана бэс-от ыйдарыгар, ыам ыйынааҕы 2,43 мөлүйүөн солкуобайтан 2,3 мөлүйүөҥҥэ диэри намтаата диэн, «СберАвто» сервис оҥорбут чинчийиитин кэннэ этиллэр, бу туһунан «РИА Новости» суруйар.
Онуоха, быйыл ыам ыйыгар сүүрүүлээх массыына орто сыаната 1,15 мөлүйүөн, оттон саҥа — 2,43 мөлүйүөн солкуобай этэ.
Сервис быһаарбытынан, саамай чэпчэки сыаналаах массыынанан Kia Rio буолбут, маннык эрдэ сүүрэ сылдьыбыт массыына орто сыаната 360 тыһыынча солкуобай буолар эбит, оттон саамай ыарахан сыаналааҕынан 2020 сылга оҥоһуллубут Range Rover Sport буолла, маннык массыына сыаната 6 мөлүйүөн солкуобайга тэҥнэһэр.
Массыына атыылаһыытыгар харчыларын кыратык кэмчилиэн баҕарар Арассыыйа олохтоохторугар Сбер Авто экспертэрэ массыына атыылаһар сирин географиятыгар болҕомтону уурарга сүбэлииллэр.
«Массыына көрдүүргэр бэйэҥ олорор регионун тас өттүгэр таһаардахха, ордук табыгастаах сыаналаах массыынаны булуохха сөп дииллэр, ордук сүүрэ сылдьыбыт массыынаны атыылаһар буоллахха. Ону таһынан, массыына атыылаһаргар наһаа аатырбатах массыына көрүҥэр сыана биллэ чэчпэки буолар», — диэн сүбэлииллэр.
This post was published on 08.08.2022 16:01 16:01