Арассыыйа общественнай палатата (ОП) үһүс уонна кэнники төрөөбүт оҕолорго биир мөлүйүөн солкуобайы төлүүргэ этии киллэрдэ. Бу туһунан «Известия» таһаарыы иһитиннэрдэ.
Туһааннаах этиини Госсовет профильнай бөлөҕөр ыыппыттар. Ону таһынан докумуон ааптардара 30 саастарыттан уонна үһүс оҕолорун хат буолбут дьахталларга ыйдааҕы босуобуйаларын айах ииттэн олоруу алын кээмэйигэр тиэрдэр туһунан этии киллэрэллэр. Онуоха дьиэ кэргэн финансовай туруга учуоттаммат диэн бэлиэтииллэр.
Научнай-общественнай Институт сылыктыырынан, маннык дьаһаллар 2022-2024 сылларга 1,6 мөлүйүөн оҕонон төрөөһүн үрдүөҕэ.