Арассыыйаҕа оҥоһуллубут спутниковай сибээһи Саха сиригэр пилотнай эрэһииминэн үлэҕэ киллэриэхтэрэ

Хаартыска: ЯСИА саайта

2026 сыллаахха Арассыыйаҕа оҥоһуллубут спутниковай сибээһи Саха сиригэр пилотнай эрэһииминэн киллэриэхтэрэ, онно анаан 10 ыстаансыйа тутуохтара. 17 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа 4g стандарт сибээс ыстаансыйалара олохтонуохтара. Федеральнай уонна регионнааҕы суолларга 36 суотабай сибээс ыстаансыйата баар буолуоҕа. Бу туһунан тохсунньу 27 күнүгэр социальнай ситимнэргэ быһа эфир кэмигэр Саха сирин инновацияларыгар, цифровой сайдыыны уонна инфокоммуникационнай технологияларга миниистирэ Петр Николаев кэпсээтэ.

«Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ «Бюро 1440» аэрокосмическай хампаанньа оҥорбут сибээс спутниковай ханаалларын түргэнник биэрэр сервиһин 10 ыстаансыйатын пилотнай эрэһииминэн үлэлэтэр былааннаахпыт. 2029 сылга диэри Саха сирин 64 нэһилиэнньэлээх пуунугар, ол иһигэр ыарахан суоллаах- иистээх сиргэ маннык спутниковай сибээс ыстаансыйалара тэриллиэхтэрэ», — диэн кэпсээтэ Петр Николаев.

Бүгүҥҥү туругунан, Саха сиригэр 941 тыһыынча киһи олорор 393 нэһилиэнньэлээх пуун түргэн интэриниэккэ холбонон олорор.

“Устранение цифрового неравенства” федеральнай бырайыагынан 2025 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ, куоластааһын түмүгүнэн, 11 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа 4g стандарт мобильнай сибээс баар буолла. Бу Эдьигээн оройуонун Бэстээҕэр, Кэбээйи Кальвицатыгар, Өлүөхүмэ оройуонун Мархатыгар,  Томпо улууһун Охотскай Перевоз уонна Сайдыытыгар, Уус Алдан Арыы-Тиитигэр уонна да атыттар.

Былырыыҥҥы квотанан эбии 8 нэһилиэнньэлээх пуун сибээскэ холбонуохтаах: Кэбээйи оройуонун Сэбээн Күөлэ, Өлүөхүмэҕэ Дабаан, Дэлгэй, Ииннээх, Чапаево уонна Тинная, Таатта улууһун Хара Алданыгар, Томпо оройуонун Тополиное сэлиэнньэлэрэ. Быйыл 17 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа сибээс ыстаансыйата тутуллуоҕа. Бүгүн Саха сирин 416 нэһилиэнньэлээх пууннара 4g ситимигэр холбоноллор (955 тыһыынча киһи).

Миниистир бэлиэтээбитинэн, суотабай сибээһинэн хааччыйарга «Бүлүү», «Лена» уонна «Халыма» федеральнай трассаларга чинчийиилэр ыытылыннылар, база ыстаансыйаларын олохтуур 570 бэлиэ тэрилиннэ, онтон 36 бэлиэ “сөптөөх” диэн түмүгү ылла. Бу үлэ 2026 сылга салҕанан барыаҕа.

«Арктика Синергията» бырайыагынан быйылгы магистральнай оптоволоконнай сибээс тутуута саҕаланыаҕа. Билигин бэдэрээтчиттэри уонна хаабылы тардааччыны сүүмэрдээһин бара турар. 2027 сыллаахха ВОЛС-ка Дьааҥы, Муома, Уус Майа, Усуйаана, Эбээн Бытантай, Абый оройуоннарын нэһилиэнньэлээх пууннарын холбуур былааннаахпыт. Оттон 2028 сылга испииһэккэ Аллайыаха, Аллараа Халыма уонна Орто Халыма улуустара эбиллиэхтэрэ. Ити курдук Арктика территорията бүтүннүүтэ түргэн тэтимнээх интэриниэккэ холбонуоҕа», – диэн Петр Николаев эбэн эттэ.

This post was published on 28.01.2026 10:01 10:01