Арассыыйаҕа МРОТ-у үрдэтиини түргэтэтиэхтэрэ

РФ бырабыыталыстыбатыгар 2023 уонна 2024 сылларга үлэ төлөбүрүн алын кээмэйин үрдэтиини түргэтэргэ сөбүлэстилэр, диэн СИА Новости министиэристибэ саайтыгар сигэнэн иһитиннэрдэ.

Ол курдук, Арассыыйа үлэҕэ министиэристибэтэ 2023 сылга МРОТ-у 16 242 солк диэри улаатыннарарга этии киллэрдэ.

2022 с. тохсунньу 1 уонна бэс ыйын 1 күннэригэр МРОТ-у үрдэтэннэр, билигин 15 279 солк тэҥнэһэр. Саха сиригэр оройуоннааҕы коэффициены учуоттаан бу суума 21 391 — 30 558 солк диэри араастаһар.

This post was published on 27.09.2022 09:03 09:03