Арассыыйаҕа МРОТ-у 16,6  % үрдэтэр былааннаахтар

Хаартыска: Мария Васильева/ЯСИА

Судаарыстыбаннай Дуумаҕа үлэ төлөбүрүн алын кээмэйин улаатыннарар туһунан бырайыагы алтынньыга диэри киллэриэхтэрэ. Бу туһунан РИА-ҕа дойду Үлэҕэ уонна социальнай көмүскэлгэ миниистирэ Антон Котяков иһитиннэрдэ.

Миниистир этэринэн, МРОТ кээмэйин үрдэтии чопчуламмыт. Сокуон барыла 2030 сылга тиийинэн олоруу кээмэйин уонна үлэ төлөбүрүн алын кээмэйин икки ардыларыгар араастаһыыны улаатыннарар сыалы тутуһар. Миниистир тустаах докумуону Судаарыстыбаннай Дуума дьокутааттара өйүөхтэрэ диэн эрэнэр.

Котяков бүгүн МРОТ кээмэйэ ыйга 19242 солкуобайга тэҥнэһэрин, оттон 2025 сылга 22440 солкуобай буолуохтааҕын бэлиэтээтэ. Бырайыакка олоҕуран бу кээмэй 16,6 бырыһыанынан үрдүөҕэ уонна Арассыыйа 4,2 мөл олохтооҕор суолталаах буолуоҕа.

Женни Стрюкова, Саха сирэ

This post was published on 11.09.2024 11:59 11:59