Арассыыйаҕа халтай быраҕыллыбыт дьиэ кыылларын иһин ыстараап киллэриэхтэрэ

­

Административнай буруйдар тустарынан Кодекс буруй алта саҥа састаабынан эбилиннэ. Кинилэр бары кыыллары кытта кырыктаах сыһыан иһин эппиэтинэскэ тардыахтара, улахан ыстараап аныахтара. Ол туһунан «Парламентскай хаһыакка» Госдума экологияҕа уонна тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа кэмитиэтин баһылыга Владимир Бурматов иһитиннэрдэ.

«Уулуссаҕа кыыл-сүөлү көрүүтэ суох хаалларыы иһин, питомниктарга, приюттарга, циркэлэргэ уонна зоопаркаларга кырыктаах сыһыан иһин туһунан эппиэтинэскэ тардыахтара», — диэн быһаарда        парламентарий.

Ону сэргэ, айылҕа министиэристибэтинэн «бобуулаах» кыыллары-харамайдары, холобур, эһэни, пуманы, сорох эбисийээнэлэри, эриэн үөннэри  кыбартыыраҕа тутар дьону эмиэ ыстырааптыахтара. Урут маннык дьонтон кыылларын эрэ былдьыыр этилэр, билигин хаһаайыннарын өссө 200 тыһыынча солкуобайга диэри ыстарааптыахтарын сөп буолуоҕа.

Сокуон барыла бастакы ааҕыыга биһирэбили ылла. Владимир Бурматов этэринэн, бу күһүн олоххо киириэхтээх.

This post was published on 12.08.2022 16:02 16:02