Атырдьах ыйын 11 күнүгэр дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арассыыйаҕа коронавирустан бастакы вакцина регистрацияламмытын биллэрбитэ диэн, DW News суруйар.
Бэрэсидьиэн «вакцина киһи иммунитетын туруктаах оҥорорун” уонна «тустаах бэрэбиэркэни” толору ааспытын этэр. Кини бастакы вакцинаны 38 киһи, ол иһигэр В.Путин кыыһа, вакцина айыллыбыт Гамалеи научнай киинин дириэктэрэ Александр Гинзбург, хас эмэ чунуобунньук ылбытын этэр.
Атырдьах-балаҕан ыйдарыгар вакцинаны дойду медиктэрэ ылан саҕалыахтара диэн РФ вице-премьера Татьяна Голикова иһитиннэрэр.
Регионнарга вакцина кэлэр сыл тохсунньу 1 күнүттэн тиэрдиллэрин туһунан биллэр. Ити кэмҥэ вакцинаны тургутуу үһүс фазата Москваҕа саҕаланыан туһунан Александр Гинзбург этэр. Тургутукка 800 киһи баҕа өттүнэн кыттара былааннанар, тестар тургутуу бастакы фазатын түмүктэрин бигэргэтиэхтээхтэр.
Саҥа айыллыбыт “Гам-Ковид-Вак2” диэн векторнай, о.э. мөлтөх, киһи доруобуйатыгар куттала суох вирустарга (вектордарга) коронавирус SARS-CoV-2 генын кыра өлүүтэ холбоһуктаах вакцина буолар.
Вектордар патогеннай организмнары килиэккэҕэ тиэрдэр “контейнердарынан” буолаллар. Генетически модифицированнай вирустар килиэккэ иһигэр ууһаан иммунитеты бөҕөргөтөллөр. Маннык ньыманан корьтан, уоспаттан, свинкаттан, краснухаттан вакциналар айыллыбыттара.
Тургутуу кырдьыктаах түмүктэрэ билиҥҥитэ иһиллэ иликтэр. Дьиҥинэ, саҥа препараты тургутуу үһүс фазата ситиһиилээхтик бартын эрэ кэннэ регистрацияланар. Тоҕо диэтэр, үһүс фаза вакцинаҕа быһаарыылах кэрчик. Бу кэмҥэ препараты тыһыынчанан киһиэхэ тургутан көрөллөр. Вакцина киһи организмыгар ураты дьайыыта онно ырылхайдык көстөр. Киһиэхэ чахчы көмөлөөҕүн-суоҕун, эбии ыарыылардаах киһиэхэ вакцина дьайыытын үһүс фаза кэмигэр биирдэ билиэххэ сөп, диир DW News.
Сиһилии манна аах https://ysia.ru/rossijskaya-vaktsina-ot-koronavirusa-chto-o-nej-izvestno/
This post was published on 12.08.2020 14:08 14:08