Арассыыйа Үлэҕэ министиэристибэтэ 2023 сылга ийэ хапытаалын бастакы оҕоҕо 589,5 тыһыынча солк. диэри, иккис оҕоҕо 779 тыһыынча солк. диэри үрдэтиэхтэрэ диэн иһитиннэрэр.
Төлөбүрдэри индексациялааһын олунньу 1 күнүттэн буолуоҕа. Бастакы оҕоҕо ийэ хапытаала 65 тыһыынча солкуобайынан улаатыаҕа, 2023 сылга кини кээмэйэ 589,5 тыһыынча солк. тэҥнэһиэҕэ. Иккис оҕоҕо төлөбүр 85,9 тыһыынчанан улаатан 779 тыһыынча солкуобай буолуоҕа. Бу сыалга Арассыыйа социальнай пуондатын бүддьүөтүгэр үп көрүллүбүт. 2023 сылга бу дьаһалга барыта 550 миллиартан тахса солкуобайы судаарыстыбаттан ыытар былааннаахтар.
Үлэ министиэристибэтигэр, эрдэ дьиэ кэргэн бастакы оҕотугар ийэ хапытаалын суруттарбыт буоллаҕына, иккис оҕотугар төлөбүрүн кээмэйэ 2023 сылга 20,9 тыһыынча солкуобайынан улаатыа уонна 189,5 тыһыынчаҕа тэҥнэһиэҕэ диэн быһаарбыттар.
This post was published on 29.09.2022 15:03 15:03