Биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы хамыыһыйа мунньаҕар Саха сирин баһылыга Егор Борисов өрөспүүбүлүкэ экономическай, социальной туруга бигэтийиитигэр анаммыт миэрэлэри ырытта. Ону таһынан арҕаа дойдулар дойду экономикатыгар ыгыыларын содулуттан нэһилиэнньэни көмүскүүр сүрүн соругу туруорда.
Дойдуга буола турар быһыы-майгы тас политика конъюктуратыттан быһаччы соҥнонор. Макроэкономическай көрдөрүүлэринэн, Россия сыыйа-баайа бобуу усулобуйатыгар сөп түбэһэн биэрэр. Итиниэхэ ылыллыбыт миэрэлэр сүрүн оруоллаахтар. МВФ сабаҕалыырынан, экономика көрдөрүүтэ намтыы сылдьан баран өрө тахсыахтаах.
«Регионннааҕы былааны оҥорууга аан дойду күннээҕи быһыытын-майгытын дьэҥкэтин билиэхтээхпит», – диир Егор Борисов.
Глобальнай суолталаах сүрүн хайсхалары ымпыктаан ырытыы кэниттэн бүтүн Кытай норуотун бэрэстэбиитэллэрин мунньаҕын экономическай сайдыыга былааннарыгар кини болҕомтону тарта. Кытай былааһа экономика көрдөрүүтэ быйыл 6,5-7%, биэс сылга 6,5% итэҕэһэ суох үрдээһини күүтэр.
Ил Дархан этэринэн, глобальнай ырыынак салгыы намтыы туруута сотору кэминэн тохтуохтаах. Онтон тирэҕирэн энергоресурстарга наадыйыыга үтүө сабаҕалааһыннары оҥоруохха сөп. Ити чуолаан чох промышленноһыгар сыһыаннаах.
Егор Афанасьевич социальнай эбэһээтэлистибэлэр туолуохтарын ыйда. Кини бу туһунан куруук этэрин хатылаата. Бөҕө саппаас баар буоларын туһугар бюджекка резервэни көрдөөһүн боппуруоһа бүгүҥҥү күҥҥэ сытыытык турар. Ил Дархан онуоха соторутааҕыта ыытыллыбыт социологическай ыйытык түмүктэригэр тирэҕирдэ. Ыйытык түмүгэ розничнай атыы уонна төлөбүрдээх өҥөнү оҥоруу эргиирэ намтаабытын көрдөрбүт. Туох-ханнык иннинэ ити наадалаах, туттар мал-сал сыаната үрдээбититтэн тутулуктаммыт. Ол да иһин, Саха сирин олохтооҕун 40 бырыһыана үбүн-харчытын кэмчилиирин ордорорун туһунан ыйытыкка хоруйдаабыт.
Егор Борисов социальнай хайысха буоларын курдук инники кирбиигэ тутулларын бэлиэтээн туран, ыарахан олохтоох дьиэ кэргэни өйүүргэ эбии үбүлээһини үөскэтэргэ сорудахтаата.
«Үбүнэн-харчынан өйөбүлү тус аадырыстаах гына оҥорорго тиийэбит. Көмөнөн туһанааччыларга чопчу миэрэлэр, критерийдэр баар буолуохтара», – диэтэ Егор Борисов.
Оҕону аһылыгынан, таҥаһынан хааччыйыы боппуруоһугар сөптөөх болҕомто ууруллуохтааҕар кини тохтоото.
Дьахталлар ХIV сийиэстэрин пленарнай мунньаҕар ылыллыбыт көҕүлээһиннэр өйөнүөхтээхтэрин Егор Борисов ойуччу тутан эттэ.
Бырабыыталыстыба бэрэсэдээтэлин бастакы солбуйааччылар дакылааттарыгар 2015 сылтан ыла саҕаламмыт кириисиһи утары үлэ салгыы ыытылларын бэлиэтээн эттилэр.
Ити чуолаан систиэмэни үөскэтэр 69 тэрилтэни бөҕөргөтүү, уматыгы, энерегтическэй ресурсалары кэмин иннинэ тиэрдии, коммунальнай комплексатары өйөөһүн туһунан буолла. Салайааччылар этэллэринэн, дьоҕус уонна орто бизнескэ чэпчэтиилээх нолуок оннунан хаалар, тыа хаһаайыстыбата өйөнүөҕэ, салгынынан көтүү ороскуота толуйуллуоҕа. Өрөспүүбүлүкэ тыатын сирин тупсарыы үбүлээһинэ мэктиэлэнэр.
Импорты солбуйуу, промышленноһы, уматык-энергиэтикэ комплексын сайыннарыыга үлэ ситэри ыытыллыбатах.
Егор Борисов баар кыһалҕалары ырытан көрөн баран, кыаҕы сүрүн хайысхаларга туһулуур наадатын ыйда. Онон үбү-харчыны тыыран анааччылары уонна ону ылааччылары кытта киэҥ ыҥырыылаах мунньах сотору ыытыллыаҕа.
Ылыллар миэрэлэр көдьүүстээх буолалларын туһугар норуот хонтуруола күүһүрүөхтээх. Государственнай Мунньах (Ил Түмэн) «Норуот хонтуруолун» анал туругун үрдэтэр, маны өрөспүүбүлүкэҕэ бүтүннүүтүгэр тарҕатар сорук туруоруллубут.
This post was published on 17.03.2016 21:05 21:05