Аппаанылар Арассыыйа Дьоруойа Алексей Неустроевы истиҥник көрүстүлэр

Хатыҥ Арыы нэһилиэгэр бүгүн олус долгутуулаах, соһуччу үөрүүлээх күн үүннэ. Ол курдук, Арассыыйа Дьоруойа Алексей Неустроев киинэ түспүт сиригэр, Аппааны бөһүөлэгэр, кэлэн ыалдьыттаан барда. Бу туһунан «Эҥсиэли» хаһыат суруйар.

Бастаан Нам сэлиэнньэтигэр локальнай сэрии кыттыылаахтарыгар анаммыт искибиэргэ Нам улууһун баһылыгын солбуйааччыта Филипп Николаев, Хатыҥ Арыы нэһилиэгин баһылыга Иван Ноговицын, «Воин» уопсастыбаннай түмсүү салайааччыта Павел Оконешников уонна локальнай сэрии кыттыылаахтара эҕэрдэ тыл эттилэр, сибэкки дьөрбөтүн пааматынньыкка уурдулар.

Салгыы Аппааны бөһүөлэгин Кыайыы искибиэригэр И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ Арыы орто оскуолатын алын кылаас үөрэнээччилэрэ, олохтоохтор, Алексей Неустроев ийэтинэн аймахтара Октябрина Алексеевна Новгородова дьиэ кэргэнинээн үөрүү көтөллөөх уруйдаан-айхаллаан көрүстүлэр. Алексей биир дойдулаахтарыгар, кэнчээри ыччакка үтүө тыллары анаата. Олохтоох дьаһалтаҕа итии чэйдээх, минньигэс алаадьылаах остуол тула олорон, Дьоруойдуун иһирэх кэпсэтиилээх, истиҥ көрсүһүү буолла. Уус Алдан улууһун дьаһалтата арыаллаах Алексей ыгым кыраапыктаах сылдьарын эттилэр, салгыы Дьокуускайга көрсүһүү.

Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов, Хатыҥ Арыы нэһилиэгин баһылыга Иван Ноговицын аатыттан Хатыҥ Арыы нэһилиэгэр сир учаастагар сэртипикээт, истиҥ тыллардаах эҕэрдэ сурук, нэһилиэк историятын сырдатар кинигэ, сэмэй бэлэхтэрин туттардылар.

Булугас өйдөх, түргэн толкуйдаах, мындыр саха уолбут, дойдутун сылаас тыына угуттаан, чэгиэн сылдьарыгар, чэбдик ыра санаа арыаллыырыгар, дойдугар этэҥҥэ кыайыы көтөллөөх эргиллэригэр баҕарабыт. Урааҥхайдыы уруйдуубут, сахалыы айхаллыыбыт!

Надежда Сивцева, Аппааны

This post was published on 07.09.2023 13:05 13:05