Бүгүн, тохсунньу 30 күнүгэр, Хатыҥ Арыы нэһилиэгин Аппааны сэлиэнньэтигэр «Хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүү» программанан 12 квартиралаах саҥа дьиэ үөрүүлээх арыллыыта буолла.
Дьиэ бастакы сыбаайата былырыын кулун тутар ыйга түспүтэ уонна номнуо бүгүн 12 ыал күлүүстэрин туттулар. 776,72 кв.м иэннээх, толору хааччыллыылаах, 3 мэндиэмэннээх дьиэ үлэтин тутуутун «Прогресс» ХЭТ сүрүннээтэ.
Үөрүүлээх арыллыы алгыс сиэри-туомун толоруунан саҕаланна. Улуус баһылыгын э.т. Анатолий Павлов, Хатыҥ Арыы нэһилиэгин баһылыга Иван Ноговицын, «Прогресс» ХЭТ генеральнай директора Алексей Пинигин уонна саҥа дьиэ кыра хаһаайына Ариан Петухов ытыс дохсун тыаһынан аалай лиэнтэни быстылар.
Анатолий Иванович, Иван Дмитриевич уонна Алексей Семенович дьиэ хаһаайыттарын эҕэрдэлээтилэр, маннык программа тиһигин быспакка үлэлиир буолан, дьон олоҕут уйгута тупсар диэн бэлиэтээн эттилэр. Эргэ дьиэни программаҕа киллэрииттэн, саҥа дьиэни тутууга сүүрбүт-көппүт хас биирдии дьоҥҥо махталларын тиэртилэр. Ону сэргэ «Прогресс» ХЭТ элбэх оҕолоох Чупровтар дьиэ кэргэҥҥэ улахан телевизор бэлэх уунна.
Дьиэлээх хаһаайыттарга истиҥ эҕэрдэбитин тиэрдэбит. Дьиэҕит өрүү сылаас, сырдык буоллун, уйгу-быйаҥ, нус-хас олоҕу баҕарабыт.
«Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата
This post was published on 30.01.2024 17:02 17:02