Аныгыскы нэдиэлэҕэ Арассыыйа олохтоохторо уһуннук өрүөхтэрэ

Кэлэр үлэ нэдиэлэтэ кылгыаҕа, өрөбүллэр уһуохтара. Арассыыйа олохтоохторо аныгыскы нэдиэлэҕэ, сэтинньи 4 күнүгэр Норуот сомоҕолоһуутун судаарыстыбаннай бырааһынньыгын бэлиэтиэхтэрэ.

Халандаар кыһыл күнэ бээтинсэҕэ түбэһэр, онон рабочай нэдиэлэ түөрт күннээх буолуоҕа. Салгыы үс өрөбүл күн — бээтинсэ, субуота, баскыһыанньа.

Сэтинньи 3 күнэ, чэппиэр — бырааһынньык иннинээҕи күн, онон үлэ чааһа биир чаас кылгыаҕа.

This post was published on 26.10.2022 11:03 11:03