Аныгы Россия историятын оскуолаҕа икки сыл үөрэтиэхтэрэ

Биэс сыллаах үлэ түмүктэннэ. Оскуолаҕа историяны үөрэтии Концепциятын докумуона РФ үөрэҕин министиэристибэтинэн бигэргэннэ.


История уопсастыбаны сомоҕолуохтаах диир РНА уопсай история институтун научнай салайааччыта Александр Чубарьян. Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн иннинэ историяны оскуолаҕа үөрэтии кууруһугар саҥа ирдэбиллэр тустарынан кини «Парламентская газета»-ҕа кэпсээтэ.

— Александр Оганович, историяны үөрэтиигэ туох уларыйыы киириэҕэй?

— Историяны үөрэтиигэ линейнай сыһыан киириэҕэ. Эрдэ «концентрическай» этэ, ол аата 9 кылааска диэри саҥа матырыйаал үөрэтиллэрэ, 10-11 кылаастарга ону хатылааһын кылгас варианынан ыытыллара. Билигин историяны үөрэтии 11 кылааска диэри салҕанан барыаҕа. 10 уонна 11 кылаастар XX үйэ историятын үөрэтиэхтэрэ, ол иһигэр — 1990 сыл кэнниттэн. Улахан дебаттар буолбуттара, сорох экспертэр ССРС историятынан хааччахтааһыны киллэрэр ордугун эппиттэрэ, ити эрээри оҕо аныгы Россия историятын эмиэ билиэхтээх диэн быһаарыы баһыйбыта.

Ол түмүгэр кууруска 2010 сылга диэри история киллэрилиннэ. 90-с сыллардааҕы реформа туһунан кэпсиири наадалааҕынан аахтыбыт, бары үчүгэй, куһаҕан өрүттИстория эрин, социальнай фактордары, сүрүн событиелары, президеннэри киллэрэн туран.

Сиһилии https://ysia.ru/istoriyu-sovremennoj-rossii-v-shkolah-budut-uchit-dva-goda/

This post was published on 05.11.2020 16:02 16:02