Эспиэртэр этэллэринэн, сыллааҕы инфляция муҥутаан 2024 с. иккис кыбаарталыгар, саас бүтүүтэ, сайын кэлиитэ үрдүөҕэ. Олунньуга инфляция 7,69% этэ. Санатан эттэххэ, инфляция муҥутаан үрдээн, 2022с. муус устарыгар 17,83% тиийэ сылдьыбыта. Ол туһунан «РБК» иһитиннэрэр.
Дойду Киин Баанын үпкэ-харчыга, кирэдьиит бэлиитикэтигэр департаменын дириэктэрин солбуйааччы Андрей Ганган 16% сүрүн ыстаапка инфляцияны тутарын, солкуобай куурса бигэ туруктаах буоларын туһунан эппитэ. Кини кэлэр үс сылга сүрүн ыстаапка 10% диэри түһэр чинчилээҕин сабаҕалыыр. Оччотугар ипотека, кирэдьиит бырыһыана эмиэ намтыа этэ.
Инфляция үрдээтэҕинэ, тилэх баттаһан, сыана ыарыыр. 2023 с. сымыыт сыаната 61,35%, помидор 51,1%, кэккэ фрукта 46-48% үрдээбитэ.
This post was published on 22.03.2024 13:05 13:05