19 Муус устар 19.04
  • $ 94,09
  • 100,53

Антоновка Егоровтара "Элбэх оҕолоох ыал" номинацияҕа хоттулар

15:05, 18 августа 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ньурба улууһун Егоровтар дьиэ кэргэттэрэ Арасыыйатааҕы «Сыл бастыҥ дьиэ кэргэнэ» күрэххэ «Элбэх оҕолоох ыал» номинацияҕа хоттулар. Бу туһунан СИАҕа Үлэ министиэристибэтэ иһитиннэрэр.


2021 сылга күрэххэ Арассыыйа эрэгийиэннэриттэн барыта 3000 ыал кыттыбыт. Түмүктүүр түһүмэххэ 85 субъектан 366 бэрэстэбиитэл кыттыбыт. Онтон 85 ыал кыайыылаах тахсыбыт. Кинилэр истэригэр Ньурба Антоновкатыттан Сергей Аркадьевич Егоров уонна Дина Николаевна Дойдукова дьиэ кэргэннэрэ «Элбэх оҕолоох ыал» номинацияҕа хоппуттар.

Сергейдаах Дина 2010 сыллаахха холбоспуттар. Кинилэр биэс оҕолоохтор: 11-дээх Күннэй уонна Сайаана, 6-лаах Саян, 4-тээх Күнчээнэ уонна 3-тээх Кэрэчээнэ.

Ыал аҕа баһылыга Сергей тимир ууһа, уопуттаах болуотунньук, автомеханик. Дина алын сүһүөх оскуола учуутала, иллэҥ кэмигэр иистэнэр, хоһоон суруйар. Ыал улахан оҕолоро — игирэ кыргыттар өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа, театральнай искусство Гран-при хаһаайыннара.

Егоровтар дьиэ кэргэннэрэ олус иллээхтэр, көрдөөхтөр. Дьиэ кэргэнинэн бэлиэтиир бырааһынньыктара ураты тиэмэлээх буолаллар, онно сөп түбэһэр киэргэллээх, астаах, култуурунай бырагыраамалаах бараллар. Егоровтар көрдөөх роликтары усталларын сөбүлүүллэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА