Саха сирин былааһа ырыынакка баар тэрилтэлэр кыахтарын муҥутуурдук туһаналларыгар сөптөөх миэрэлэри ылыахтаах. Бу туһунан олохтоох табаары оҥорон таһаарыы уонна өҥөнү толоруу сайдыыларын көҕүлээһин тула Ил Дархан мунньаҕар инвестиционнай сайдыыга уонна предпринимательствоҕа миниистир Антон Сафронов эттэ.
Тустаах министиэристибэ ыыппыт ырытыыта көрдөрөрүнэн, бүгүҥҥү күҥҥэ олохтоох оҥорон таһаарыы кыаҕын ситэри туһаммат. «Холобур, тутуу матырыйаалын хайысхатыгар ырыынак көрдөбүлэ улаата турар, дьону хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү манна эмиэ олук буолар. Ол гынан баран олохтоох тэрилтэлэр бу социальнай объектар тутуллар ирдэбиллэрин ситэри хааччыйбаттар. Тутуу министиэристибэтин дааннайынан, 60-70% эрэ кыаналлар«, — диир Антон Сафронов.
Миниистир бэлиэтииринэн, өрөспүүбүлүкэ салалтата тэрилтэлэр ырыынак ирдэбилигэр сөп түбэһиннэрэн, кыахтарын муҥутуур күүскэ туһанар усулуобуйаларын тэрийиэхтээх. Былаас дьоҕус уонна орто бизнес оҥорон таһаарыытын уонна тырааныспарын ороскуотугар саамай сөптөөх варианы талыыга болҕомтотун ууруохтаах.
Сафронов чэпчэки промышленность сайдыытыгар санаатын эттэ. Саха сиригэр билигин таҥаһы тигии, тириини таҥастааһын, араас иис көрүҥэ, атах таҥаһын оҥоруу эрэ баара биллэр. Сүрүн кыһалҕаларынан, дакылааччыт этэринэн, электроуот сыаната үрдүгэ, ырыынакка батарыы хааччаҕа, туттар тэрили саҥардыы буолаллар.
Биэдэмистибэ баһылыга оҥорон таһаарыыга национальнай уратыны киллэрии ордугун, интернет-маҕаһыыннары тэрийии наадатын эттэ: «Саха быһаҕын интернет нөҥүө батарыы холобурун батыһыахха сөп. Аҕыйах сыллааҕыта уустар мустан сүбэлэһэн баран итинник дьаһаммыттара үчүгэй. Сакаастар Россия бары муннугуттан киирэллэр«.
Итини таһынан, Антон Сафронов этэринэн, өрөспүүбүлүкэ эти, балыгы, сымыыты, отону эргитэр төһө баҕарар кыахтаах. Саппааһа толору.
This post was published on 15.06.2017 12:42 12:42