Анна Попова: Россия оҕолоро балаҕан ыйын 1 күнүгэр оскуолаларыгар кэлиэхтэрэ

Россия үөрэнээччилэрэ кэлэр үөрэх дьылын оскуолаларыгар көрсүөхтэрин сөп. Бу туһунан Роспотребнадзор салайааччыта Анна Попова эттэ диэн, суруйар ТАСС.


«Биһиги анал сүбэлэри бэлэмнээтибит, оскуолаларга хайдах үөрэх бырассыаһын тэрийэри, тоҕо диэтэххэ үөрэниэххэ наада, тохтотор табыллыбат. Билигин балаһыанньа тупсар, хонтуруоллуохха сөп буолла. Оҕолор балаҕан ыйыгар оскуолаларыгар кэлэн үөрэх дьылын саҕалыылларыгар, үөрэ-көтө үөрэнэллэригэр эрэл улахан«, — диэн «Россия-1» ханаалга «Вести» биэриигэ интервьютун кэмигэр Анна Попова эттэ.

РФ үөрэҕин министиэристибэтэ 2020 сыл кулун тутар 14 күнүгэр коронавирустан сэрэтэр сыаллаах регионнарга оҕолору быстах кэмҥэ дистанционнай киэбинэн үөрэтиини киллэрэри сүбэлээбитэ.

Бэс ыйын 11 күнүгэр миниистир Сергей Кравцов Россияҕа оскуолалар уонна колледжтар балаҕан ыйын 1 күнүттэн оҕолору истэн үөрэтэллэригэр былаан баарын иһитиннэрбитэ.

This post was published on 18.06.2020 15:01 15:01