Анна Попова: «Коронавирус 90 күн кутталлаах буолуон сөп»

Роспотребнадзор салайааччыта Анна Попова коронавируһунан ыалдьан үтүөрбүт киһи балыыһаттан тахсан да баран, вируһу таһаарар, онон тулалыыр дьоҥҥо кутталлаах диэн эттэ.


Арассыыйаҕа 48 күн, омук сиригэр 90 күн вируһу таһаарар диэн быһаарбыттар.
— Вируһу илдьэ сылдьар киһиэхэ туох да ыалдьар сибикитэ суох буолар. Анаалыска даҕаны көрдөрбөт. Ол гынан баран, кини муннуттан бу кэм устата вирус тахсыан сөп, — диэн Роспотребнадзор салайааччыта Анна Попова эттэ.
Арассыыйа коронавирустан өлүү ахсаанынан 106-с миэстэҕэ сылдьар, ыалдьыы ахсаанынан 40-с миэстэлээх диэн Роспотребнадзор салайааччыта бэлиэтээтэ. Ону тэҥэ, дойдуга билигин 17 научнай тэрилтэ коронавирустан 26 вакцинаны оҥоро сылдьар. Ол онтон регистрацияны биир вакцина — “Спутник-V” ааспыт.
Оттон Эпидемиология научнай-чинчийэр институтугар итиннэ хардаран, маннык эппиэттииллэр:

— Коронавируһунан ыалдьан үтүөрбүт дьоҥҥо ПЦР ньыматынан вирус генетическэй матырыйаалын булуохха сөп, ол эрээри вирус баар да буоллаҕына, атын организмҥа киирэн, элбиир туруга суох. Ыалдьан үтүөрбүт дьонтон доруобай дьон сыстыбыт дааннайдара суохтар. Салгыы чинчийии ыытыллыан наада, — диэн институт дириэктэрин солбуйааччы Наталья Пшеничная этэр.

Источник: © edersaas.ru сайтан: https://edersaas.ru/annapopova-2/

This post was published on 16.09.2020 15:03 15:03