Анна Охлопкова артыыс буолара дьылҕатынан бэриллибит

Саха республикатын культуратын туйгуна, Аркадий Новиков төрүттээбит Майатааҕы ,,Көөчөөн-көрө” народнай мини-театр солбуллубат администратора Анна Иннокентьевна Охлопкова бу күннэргэ дьоһун сааһын бэлиэтиир.


Анна Иннокентьевна Өргөннөөх илин баһыгар Эбэ сайылыкка иккис оҕонон төрөөбүтэ. Төрөппүттэрэ колхуос төһүү үлэһиттэрэ этилэр. Ийэтэ Матвеева Евдокия Алексеевна Мэлдьэхси Суолатыттан төрүттээх. Аҕата төрүт Өргөннөөх олохтооҕо, Матвеев Иннокентий Захарович диэн этэ. Ийэтэ бииргэ төрөөбүт быраатын кыра эрдэҕиттэн илдьэ сылдьан уопсайа аҕыс оҕону иитэн таһаарбыта.

Анна Иннокентьевна, оччотооҕу Анка Матвеева, 1963 сыллаахха Өргөннөөх алын кылаас оскуолатыгар үөрэммитэ. Оҕо сылдьан таайын, убайын, быраатын, өссө аҕатын убайа Киргиэлэй 3 уолун кытта бодоруһан, уол оҕоҕо майгылыыр, сытыы хамсаныылаах, сүрдээх мэник-тэник, убайдарын бырааттарын баһыйар элбэх саҥалаах кыыс оҕо буолан улааппыта. Кырдьаҕастар: ,,Дьаһаллаах, хорсун-хоодуот, суон куоластаах эбэтин Аанысканы баппыт оҕо. Үлэһит бэрдэ буолара буолуо”,- диэн сылыктыыллара. Онно интернатка олорон уол оҕо курдук да буоллар, кыргыттар артыыстар хаартыскаларын мунньалларын сөбүлээн одуулаһара. Өргөннөөхтөн төрүттээх, республикабыт киэҥ туттар артыыһын Гаврил Колесовы дойдутугар таҕыстаҕына, олоҥхотун радиоҕа биһирии истэрэ, бэйэтин сэргии көрөрө. Артыыс буолар дьылҕата тардан эрдэҕэ. Артыыстары көрөн ымсыыран киинэни көрдөҕүнэ өрүү үтүктэн оонньоон күллэртиирэ. 5 кылаастан Сыымах 8 кылаастаах оскуолатыгар интернакка олорон үөрэммитэ. Талаана биллэн, оскуолаҕа сылдьан ,,дьүлэй эмээхсин” эҥин буолан сценкаларга оонньуура. Онон кыра эрдэҕиттэн артыыс эбэтэр худуоһунньук буолар баҕа санаалааҕа.

Анна Иннокентьевна оскуолаҕа бииргэ үөрэммит оҕолоро атыы-эргиэн, ким медицинаҕа, ким тыа хаһаайыстыбатыгар, үөрэҕирии өттүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин туйгуннара буоланнар сүрдээҕин киэҥ туттар. Оттон култуураҕа Владимир Кузьмин, Фекла Попова Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх үлэһиттэрэ буолбуттарыттан астыныан астынар.

Анна Иннокентьевна 8 кылаас кэнниттэн Люда уонна Катя Баишевалары батыһан, Төҥүлүтээҕи СПТУ-га иис үөрэҕэр үөрэнэ барар. Төҥүлү СПТУ-гар оччотооҕуга орто оскуола базата саҥа иккис эрэ сылын киирбит буолан, орто оскуолаттан 8-нан тохтообуттар, саастаах өттө хото кэлэллэрэ. Аанка кыыс 15 саастааҕар 20-риттэн лаппа тахсан эрэр кыргыттардыын үөрэммитин дьылҕам бэлэҕэ диэн ахтар. «Улахан кыргыттар оҕо курдук көрө, илдьэ сылдьыбыттара. Иискэ үөрэммитим билиҥҥэ диэри көмөлөһөр. Ол курдук иллэҥ кэммэр иистэнэрбин, сахалыы моһуоннаах былааччыйалары, шторалары, коврикатары тигэрбин сөбүлүүбүн», — диир кини.

3 сыл үөрэнэн, билиҥҥэ дылы уу тэстибэт дьүөгэтинээн Катя Баишевалыын, Төҥүлүтээҕи бытовой комбинакка үлэлии хаалаллар. Эмиэ бииргэ үөрэммит кыыстара Марианна, үтүө-мааны ыалга кийиит буолбутугар эҥэрдэһэн, Софроннаах Марианна ийэлэригэр Парасковья Семеновна Романоваҕа олорон бытовойга үлэлээбиттэрэ. Биир сыл Төҥүлүгэ культура эстафетатыгар кыттан хорга ыллаан, сценкаларга оонньоон бэркэ аһарбыттара. Ол эрээри иккиэн да кырдьаҕас дьоннорун көрөр сыалтан, ,,Оскуола – производство – үрдүк үөрэх” девиһинэн салайтаран Сыымахха фермаҕа үлэлии тахсыбыттара.

Аанка хотоҥҥо үлэлии сылдьан активист бэрдэ, культура кулута буолаары түүннэри кулууп харахтанара. Онно эбии кулууп дириэктэрэ Светлана Михайловна Акимова кульпросвет театральнай отделениетын бүтэрбит буолан наһаа тапсаллара, өрүү испэктээх туруораллара. ,,Ырыкыныап ыыспата”, ,,Ини-бии” толору вариана, араас биир актаах пьесалар тиһигин быспаттара. Хам-хаадьаа дойдулаах дьон Дмитрий Ходулов, Гаврил Колесов кэллэхтэринэ ыҥыран сүбэлэтэллэрэ. Онно Дмитрий Ходулов Аанканы ,,Бу кыыска туох эрэ баар, үөрэнэрэ буоллар”, — диэбитэ Анна олоҕор олук уурар кэриэтэ өйүгэр хатаммыта.

Аанка икки сылынан өлгөм үүтү ыан, сүөһү өлүүтүн таһаарбакка ,,Ударник коммунистического труда” үрдүк ааты сүгэн, ,,Волгарь” лааҕырга сынньанар чиэстэммитэ.

Анна артыыс буолар баҕата баһыйан, онно эбии ийэтэ да ,,сытыы киһи саатар эн үөрэхтэнэрин буоллар” диэбит сүбэтин ылынан Дьокуускайга киирбитэ. Ханна баран артыыс үөрэҕэр туттарсарын сүбэлэттэрээри Дмитрий Ходуловы Сэргэлээхтээҕи даачатыттан булан көрсүбүтэ. Ходулов: ,,Өйүүн култуура министерствота хамыыһыйалаах Хабаровскайга үөрэнэ барар оҕолору талабыт, онно кэлээр”, — диэн үөрдүбүтэ. Ол гынан баран тыа оҕото бэлэмэ суох буолан ол тургутууну кыайан ааспат. Дмитрий Ходулов ыҥыран ылан хамыыһыйаҕа баар кульпросвет педагогун кытары билиһиннэрэн ,, Бу оҕо кульпросветка туттарсан үөрэниэ этэ”, — диэбитэ. Кэлин билбитэ Анатолий Васильев диэн улахан киинэлэргэ оонньообут артыыс эбит.

Анатолий Иванович училищеҕа киирии экзамен төһө да аастар, Аннаны үөрэххэ ыллаттаран, Дьокуускайдааҕы кульпросвет массовай культурнай тэрээһиннэри ыытар режиссер идэтигэр киирэр. Манна киирэн бөлөҕөр староста буолар. Культпросветка оччоттон баччаҕа дылы устудьуон дууһатын аһан, ким туохха дьоҕурдааҕын таба тутан үөрэтэллэрэ.

Бүтүн Союзтааҕы ,,Ыччаты үлэҕэ” девизтээх сайыҥҥы өттүгэр кульпросветка бастакы тутар этэрээти тэрийсэн ,,Хомус” диэн ааты ылынан хамыһаардаабыта. Бастакы сыл Үрүҥ Хайаҕа, иккис сылларыгар Амма Сулҕаччытыгар 42 оҕону илдьэ сылдьыбыта киниэхэ тэрийэр, түмэр дьоҕурун аспыта.

Культпросветы 1979 сыл бүтэрэн дойдутугар Мэҥэ-Хаҥаласка анаммыта. Хаһан да буоларын курдук кулууптар саҥа дьыл бырааһынньыктарын аһараат, эстафета тэрээһинигэр умса түһэллэрэ. Бэдьимэҕэ үлэһит тиийбэтигэр тута директоры солбуйааччынан анаабыттара. Онон оччолорго специалиһынан үлэлиир Матвей Матвеевич Поповтуун культура эстафетатын былааҕын көтөхсүбүтэ.

Ити сыл күһүнүгэр Сыымаҕын кулуубугар уус-уран салайааччынан үлэлии тиийбитэ. Культураҕа уһуйуллубут киһитинэн Светлана Михайловна Акимованы ааттыан ааттыыр.

4 сыл бииргэ үлэлээн, өрүү бастыҥнар ахсааннарыгар сылдьыбыттара. Саҥаттан саҥаны өрө тутан, сонунтан сонуну тэрийэн иһэллэрэ. Биир бэлиэ кэминэн Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ, мелодист, ырыаһыт Анастасия Варламованы кытта алтыһыыта буолар. Ол саҕана Анастасия Николаевна Владимир Кузьминныын саҥа ырыалары көтүтэн концертары тэрийэллэрэ. Сыымахтан кинилэри кытта Светлана Акимова, Анна Матвеева, Василий Попов быыстарыгар сценкаҕа оонньуу барсаллара. Ол кэмнэргэ айыллыбыт Лариса Постникова тылларыгар , Анастасия Варламова мелодиятыгар ,,Сибэкки ырыатын истээри “ ырыатын Анна сөбүлээн билиҥҥэ дылы ыллыыр.

Ити сылдьан 1981 сыллаахтан Анна Улан-Удэҕэ культура институтугар кэтэхтэн народнай театр режиссерын идэтигэр үөрэнэр. Киэҥ туттара манна Саха республикатын народнай артыыһа Алексей Павловтыын сиэттиһэ сылдьан үөрэммитэ буолар.

1984 сыллаахтан кэргэн тахсан Майаҕа көһөн кэлэр.

Анна Иннокентьевна 4 төрөөбүт күннээх. Олоҕун көргө күлүүгэ анаабыт киһи диэх курдук аан дойдутааҕы көр-күлүү күнүгэр, муус устар 1 күнүгэр улахан кыыһын Иваннаны төрөппүтэ. Иванна Ивановна Борисов аатынан Тыыллыматааҕы орто оскуолаҕа төрүт культура учуутала, кэргэнэ Назаров Михаил Иванович Лоомтукаҕа ветеринарнай пункт сэбиэдиссэйин солбуйааччыта. Улахан кыыстара Марианна 5 кылааска үчүгэй үөрэнээччитэ, улуус волейболга хамаандатын чилиэнэ. Орто кыыс Виолетта Лоомтукатааҕы орто оскуола туйгун үөрэнээччитэ.

Иккис кыыс Алена Ивановна саҥа дьыл үөрүүтүн сириэдитэн тохсунньу 2 күнүгэр төрөөбүтэ. Кини Өлөчөйдөөҕү коррекционнай орто анал оскуола алын кылаас учуутала. Кэргэнэ Романов Павел Аджеевич ,,Саха республиката олорор дьиэ-уот, коммунальнай хаһаайыстыбата” государственнай унитарнай тэрилтэ Мэҥэ-Хаҥаластааҕы филиалын инженерэ. Уоллара Кеша Өлөчөй оскуолатын 1-кы кылааһын бүтэрдэ. Кыыстара Настенька оҕо садын иитиллээччитэ.

Мурун бүөтэ Михаил Иванович ыччат министерствотыгар үлэлиир.

Майаҕа көһөн кэлээт, Анна Иннокентьевна Дмитрий Ходулов аатынан театрга, оччолорго РДК дэнэрэ, туох үлэ тахсарынан үлэлээбитэ. Оччолорго дириэктэринэн Иван Кузьмич Бурнашев үлэлиирэ. Бастаан аҕыйах кэмҥэ уборщицанан үлэлииригэр ,,Кыталык” народнай үҥкүү ансамбылын режиссера Василий Павлович Винокуров бөлөҕүн кытары Дьааҥы улууһугар Анастасия Варламова уонна Владимир Кузьмин гастролга барар буолбуттара. Кинилэр Аннаны сценкаҕа оонньоон барсарыгар көрдөспүттэрэ. Директор Бурнашев көҥүлүнэн кыра оҕолоохпун диэбэккэ Анна онно үөрүүнэн барсыбыта. Барбыттарын тухары уонча күн РДК муостата сууллубакка, Анна култуура управлениятын иһинэн дьүүллэнэн көрүдьүөс түгэн буолбуттаах.

Норуот айымньытын киинигэр Мария Прокопьевна Скрябина салайааччылаах, Саргылана Егоровна Колосовалыын үлэлээн оройуоҥҥа улахан хамсааһыннары, сайдыыны киллэрбиттэрэ. Республикаҕа бастакынан Амынньыкы ууска Гоголев Сэмэҥҥэ олоҕуран Хомус конференциятын киэҥ далааһыннаахтык ыыппыттара, хомус уустарын түмэ тарпыттара. Таатта улууһун Баайаҕа нэһилиэгиттэн төрүттээх Борис Федорович Неустроев-Мандар Уус аата ол конференцияҕа саҥа иһиллибитэ. Оройуоннааҕы уустары маастар аатыгар үүннэрэн үгүс элбэх быыстапкалары тэрийэллэрэ, биирдиилээн уустардыын ылсан үлэлииллэрэ. Ол сыллардааҕы үлэтигэр Мария Прокопьевнаттан элбэххэ үөрэммит буолан киниэхэ махтаныан махтанар.

Өр сылларга культура управлениетын салайбыт Тамара Иннокентьевна Спиридонова Аннаны сытыытын, кэпсэтиилээҕин сөбүлээн Василий Николаевич Атласов кэнниттэн РДК-ҕа директорынан хаайан туруорбута. Анна директорынан 2 сыл үлэлээбитэ. Бары үлэҕэ барытыгар «мин аҕай диир адьынаттаах, сымнаҕас майгылаах буоламмын, кыайан директор буолбат эбиппин» диэн түмүккэ кэлбитэ. Үлэлиир кэмигэр ,,Хардыы” ансамбль тахсарыгар боччумнаахтык көмөлөспүтэ, кырдьаҕастары мунньан түмсүү оҥорор оҥкулун төрүттэспитэ.

,,Көөчөөн-көрө” мини-театры тэрийсэн Аркадий Новиков Төхтүртэн Майаҕа көһөн кэлбитэ.

Анна Майатааҕы народнай театрга биир дойдулааҕа Дмитрий Федорович Ходулов аатын иҥэттэрии докумуоннарын саҕалаабыта. Ол кэлин 1993 сыллаахха Анна народнай театрга режиссерунан анаммытыгар олоххо киирэн ,,Талааҥҥытынан мин ааппын ааттатаарын” диэн киэҥ далааһыннаах мероприятиены тэрийэн, Дмитрий Федорович Ходулов аата иҥэриллибитэ. Оччолорго директорынан Мария Дмитриевна Лукина үлэлээбитэ. Кини үлэлиир сылларыттан специалистар үлэлэрэ чаҕылхайдык көстөр буолбута. Режиссердуур кэмигэр Анна утаппыт курдук Суорун Омоллоон ,,Күөх көппө”пьесатын ,,Түүл” диэн аныгылыы трактовкалаан Чүүйэ коллективыгар, Флорид Буляков ,,Эмээхситтэр эргэ тахсаллар” пьесатын кырдьаҕас көлүөнэ артыыстарыгар, Иннокентий Семенов ,,Күтүөт” испэктээҕин эдэр артыыстарга анаан 3 испэктээҕи тэҥҥэ туруорбута. Кыһыл оҕолоох, 3 оҕолоох ийэ киһиэхэ бу элбэх үлэни эрэйэрэ.

Сааһыары Кыайыы үбүлүөйдээх сылыгар Иннокентий Сергучев, Парасковья Адамова суруйууларыгар ,,Ытык иэс” диэн Герой Попов туһунан испэктээҕи Кыайыы 50 сылыгар туруоран I Республиканскай телевизионнай фестивальга лауреат аатын ылбыттара. Федор Попову оонньообут Софрон Афанасьев ,,Бастыҥ Эр киһи оруола” анал аакка тиксибитэ. Бу испэктээх туруутугар Майатааҕы народнай театрга урут режиссерунан улэлээбит Парасковья Адамова, художнигынан үлэлээбит Савва Алексеевич Адамов ис сүрэхтэриттэн көмөлөспүттэриттэн билиҥҥэ дылы махтана саныыр. Кыра тэттик пьесаларынан Николай Неустроев ,,Тар”, ,,Тиэтэйбит” испэктээхтэринэн конкурстарга кыттан дипломант ааттарын ылбыттара.

1996 сыллаахха көс театр тэриллибитэ 50 сылыгар аһаҕас фестивалы Дьабыылга тэрийэн ыыппыта. Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр биир дойдулаахпыт, поэт, прозаик, драматург Антонина Гаврильева ,,Дьуоҕарыы” испэктээҕин туруоран Гран-при аатын ылбыта. Бу испэктээххэ ,,Бастыҥ сценография”, Аркадий Новиков, ,,Бастыҥ Эр киһи оруола” Зиновий Игнатьев анал ааттары ылбыттара.

Ити сыл 1989 сыллаахтан тэрийсибит, үлэлэспит театрын ,,Көөчөөн-көрө” народнай ааты ылан туспа театр буолар кыахтаммыта. Кэм да инникини ыраахтык көрөр салайааччыбыт Тамара Иннокентьевна Спиридонова эбии штат көрөн ,,Көөчөөн-көрө” театр кыахтаахтык үлэтин саҕалаабыта. Онон Анна Иннокентьевна Тамара Иннокентьевнаҕа махтала улахан.

Аркадий Михайлович Новиков Анна Иннокентьевнаны администраторынан биэрэр түгэҥҥитигэр эрэ туспа барабын диэн туруорсуулаах буолан, Анна народнай театрын хаалларан ,,Көөчөөн-көрө” театрга көлөһө үрдүгэр сылдьар көс театрга көспүтэ.

Онтон ыла республика устун Майа Мэҥэ-Хаҥалас аатын ааттатар театр гастроллаата ини, гастроллаабата ини. Анна ити үлэтигэр Саха республикатын культуратын туйгуна, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун культураҕа искусствоҕа сайдыытыгар кылаатын уонна Саха республикатын норуот айымньытын сайдыытыгар кылаатын иһин бэлиэлэр хаһаайыннара буолбута. Саамай бэлиэлэриттэн киэҥ туттара народнай театрдар республикаҕа тэриллибиттэрэ 50 сылыгар ,,Бастыҥ администратор” ааты ылбыта буолар.

Маны таһынан үлэтин быыһыгар Аркадий Новиков киинэлэрин эпизодтарыгар оонньообута. Ону таһынан Прокопий Федоров ,,Давлят” көрдөөх сериалларыгар сүрүн герой Аркадий Новиков кэргэнин оонньообута.

,,Көөчөөн-көрө” үлэтин былаһын тухары ситиһиитэ элбэх. Ол курдук маҥнайгы республиканскай көр-күлүү ,,Дьээбэрэҥ” күрэҕэр Гран-при үрдүк ааты ылбыта. Онтон кынаттанан салгыы бэйэлэрэ сылын ахсын ,,Сааскы сирэйдэр” аһаҕас көр-күлүү күрэҕин ыыппыттара номнуо 9 сыл буолла. Уус-Алдаҥҥа Петр Пестряков ,,Күлүү-сүрэх эмчитэ” көр-күлүү күрэҕэр эмиэ хас даҕаны төгүллээх Гран-при ааты ылбыттара. Бэйэлэрэ тэттик уонна толору метражтаах уус-уран киинэлэри устан саха киинэтин атаҕар турарыгар, сайдарыгар төһүү күүс буолбуттара.

Билигин Анна Иннокентьевна ,,Көөчөөн-көрө” мини-театр салайааччытынан үлэлии-хамсыы сылдьар.

Былырыыҥҥаттан республика улахан аҥарын кэрийэн 17 улууһу хабан ,,Күһүҥҥү күллэрэҥ”, ,,Кыһыҥҥы күллэрэҥ” көр-күлүү күрэҕин ,,Сааскы сирэйдэр” конкурска бэлэмнээн тэрийсэн ыыттылар. Ону тэҥэ Аркадий Новиков уонна Туяра Стручкова айымньыларынан ,,Мама мин таптаатым” испэктээх көрдөрбүттэрэ. Бу испэктээҕинэн Бэрдьигэстээххэ ,,Күндэлэй” народнай театрдар икки ардынааҕы көр-күлүү испэктээх күрэҕэр Гран-при үрдүк аатын ылбыттара. Ону таһынан Былатыан Ойуунускай аат. саха академическай театрыгар ити испэктээҕи уонна ,,Күлэр буоллаххытына күлүҥ” диэн концертнай программаны көрдөрөн бар-дьон сэҥээриитин ылбыттара. Аркадий Новиков культураҕа үлэтин Дьааҥы улууһун Сайдыы бөһүөлэгэр саҕалаабыта. Онон сэдиптээн культура управленията өйөөн Дьааҥы улууһугар сиринэн айаннаан тиийбиттэрэ. Сайдыы бөһүөлэгэр киниэхэ аналлаах ахтыы киэһэтин ыыппыттара. Маны таһынан хоту сытар Өймөкөөн, Томпо, Эдьигээн улуустарынан гастроллаан кэлбиттэрэ. Аркадий Новиков сырдык кэриэһигэр үйэтитии үлэтин былааннаан олоххо киллэрэр соруктаахтык үлэлии-хамсыы сылдьаллар.

Анна дьарыга, үлэтэ манан эрэ бүппэт. Идэтинэн түмсүүлээх бырааһынньыктары тэрийэр режиссер киһи быһыытынан, нэһилиэктэргэ ыһыахтары ыытыһар. Ол курдук Моорук, Хара, Баатара нэһилиэктэрэ үбүлүөйдээх ыһыахтарын ыыттаран истиҥник саныыллар. Улуус улахан ыһыахтарыгар сиэргэ-туомҥа өрүү эппиэттээх аатын сүгэр. Анна Иннокентьевна эдэр эрдэҕиттэн сиэри-туому тутуһар, билэр буолан, бырааһынньыктары ыытар ведущай уонна тамада. Төһөлөөх элбэх киһи сыбаайбатын, үбүлүөйүн ыытан дьон үөрүүтүн өрө көтүппүтэ буолуой?!

Анна Иннокентьевнаны үбүлүөйдээх күнүнэн айар талааннаахтар ааттарыттан истиҥник эҕэрдэлиибит, тыа сирин култуурата чэчирии сайдарын туһугар үтүө суобастаахтык, бэриниилээхтик, киэң хоннохтоохтук, кэтит кэскиллээхтик үлэлии-хамсыы сылдьаҕын. Ыарахан үлэҕэр ахсаабат кыһамньыгын ууран өр сылларга үлэлээбиккин биһиги өйдүүбүт, улаханнык ытыктыыбыт, холобур туттабыт. Төрөөбүт норуотуҥ култуурата, чэчирии сайдыытыгар киллэрбит кээмэйэ биллибэт үтүөн, өҥөн иһин барҕа махтал тылларын этэбит!

This post was published on 31.05.2016 17:27 17:27