Ахсынньы 21 күнүгэр Дьокуускайга Национальнай библиотека историческай саалыгар Ил Дархан сүбэһитэ, саха норуодунай поэта Наталья Харлампьева Лондоҥҥа английскай тылынан бэчээттэнэн тахсыбыт «Хотун Азия» диэн саҥа кинигэтин сүрэхтэниитэ бэрт тэрээһиннээхтик буолан ааста. Манна учуонайдар уонна суруйааччылар көхтөөхтүк кытыннылар.
Кэтэһиллибитин курдук, саалаҕа толору киһи муһунна. Саха сирин суруйааччыларын Союһун бэрэссэдээтэлэ, норуодунай поэт Наталья Харлампьева айар үлэтин, Англияҕа сырыытын уонна саҥа кинигэтин туһунан санаата көтөҕүллэн кэпсээтэ. «Хотун Азия» кинигэтэ тахсарыгар көмөлөспүт дьоҥҥо барҕа махтал тылларын эттэ. Кирии тылы суруйбут ГЧуоХААНПИ саха литературатын салаатын сэбиэдиссэйигэр, филологическай наука кандидатыгар Лидия Романовнаҕа итии-истиҥ тыллары анаата уонна кэрэ сибэкки букетын туттарда.
«Сахамедиа» тэрилтэ генеральнай директорын солбуйааччы Афанасий Ноев, «Саха сирэ» хаһыат кылаабынай редакторын солбуйааччы Прокопий Бубякин, «Саха сирин суруйааччылара» ассоциация бэрэссэдээтэлэ Олег Сидоров, норуодунай суруйааччылар Иван Мигалкин уонна Сэмэн Тумат, «Чолбон» сурунаал сүрүн редактора уо.д.а. Наталья Харлампьева эдэр суруйааччыларга үтүө холобуру көрдөрө сылдьарын бэлиэтээтилэр уонна айар үлэтигэр ситиһиини баҕаран туран, Эҕэрдэ суруктары уонна бэлэх-туһах, сибэкки букетын туттардылар. Бэйиэсийэ уустук жанрыгар таһаарыылаахтык үлэлээн, бэл Англияҕа үчүгэй кинигэни бэчээттэтэн ааҕааччыларын үөрдэрин иһин махтаннылар уонна ылбыт тэтимин ыһыктыбакка салгыы айа турарыгар алҕаатылар.
Арктикатааҕы судаарыстыбаннай культура уонна искуссво институтун устудьуоннара норуодунай поэт хоһооннорун сахалыы, нууччалыы, английскайдыы аахтылар. Биллиилээх эстрада ырыаһыта Лэгэнтэй «Орто Азия» ырыатынан уһуллубут ролигын дуоһуйа көрөн-истэн, мустан олорооччулар улаханнык сэргэхсийдилэр.
— Наталья Харлампьеваны уруккаттан талааннаах суруйааччы уонна салайааччы быһыытынан билэбин. Кини саха литературата сайдарыгар саҥа хайысханы аспытыттан мин астынабын, — диэтэ Олег Сидоров.