«АЛРОСА» АК сылы түмүктүүр мунньаҕар тэрилтэ президенэ Андрей Жарков акционердарга төлөнөр дивидент кээмэйэ былырыыҥҥытын кытта тэҥнээтэххэ, 44% эбиллибитин уонна 15,4 млрд.солк. тэҥнэспитин туһунан эттэ.
«Биһиги 15,4 млрд.солк. дивидены төлүөхпүт, бу – 2015 сылга ыраас барыспыт аҥаарыгар тэҥ», — диэн Жарков чуолкайдаата.
Кини этэринэн, судаарыстыбаннай компаниялар ортолоругар бу хаһан да буолбатах быһыы-майгы.
Дивиденнары от ыйын 19 күнүгэр төлүөхтэрэ.
«АЛРОСА» АК үлэнэн хааччыйар бөдөҥ тэрилтэ. Биһиги үлэһиттэрбит уонна кини чугас дьоннорун доруобуйаларын көрүүгэ-истиигэ ураты болҕомтону уурабыт», — диир Жарков.