Андрей Тарасенко табаһыттары өйүүр миэрэлэри көрүөҕэ

Андрей Тарасенко Усуйаана улууһугар №5-дээх таба ыстаадатыгар сырытта. Хаһаайыстыбаны саҥардыыга, бородууксуйаны батарыыга ыарахаттары быһаарыыга соруктары ыларга үлэ барыахтааҕа этилиннэ, өрөспүүбүлүкэ сүрүн пресс-сулууспата иһитиннэрэр.


Усуйаанаҕа табаны иитии уонна балыктааһын сүрүн дьарыктарынан буолаллар. Таба хаһаайыстыбаларыгар, бүгүҥҥү күҥҥэ, 141 киһи үлэлиир, 30-тан тахса тыһыынча төбө таба баар. Оройуон этинэн бэйэтин толору хааччынар, ону сэргэ ыаллыы улуустарга таһаарар.

«Ыстаадалары кэҥэтэри ирдиибит, онно бырабыыталыстыбаттан уонна чааһынай тэрилтэлэртэн улахан өйөбүл наадатын өйдүүбүт. Инвестор уонна кууһунан атыылаһааччылары буларга көмөлөһөргө бэлэммит. Чуолаан кинилэр хаһаайыстыбалар материальнай-техническай базаларын саҥардыыга быһаарыылары ылыахтарын сөп. Ол эбэтэр күрүө-хаһаа, көһөрүллэр дьиэлэри тутууга, вездеходтары ылыыга. Билигин табаһыт бородууксуйатын тиксэрэригэр хос-хос тириэрдээччилээх, ол түмүгэр хамнаһа кыччыыр», – диэтэ Андрей Тарасенко.

Сиһилии https://ysia.ru/andrej-tarasenko-rassmotrit-mery-po-podderzhke-olenevodov-v-yakutii/

This post was published on 11.09.2020 15:02 15:02