Нам улууһугар Ефим Шапошников аатынан хартыына галереятыгар «Санаа хотор кыаҕынан, уран тарбах көмөтүнэн» диэн технология преподавателын Андрей Алексеевич Осипов уонна кини үөрэнээччилэрин быыстапката аһылынна.
Быыстапкаҕа Андрей Алексеевич графикаҕа, живописка, маска оноһуктартарын сэргэ устудьуоннарын үлэлэрэ – барыта 61 үлэ көрдөрүүгэ турда.
Быыстапканы үөрүүлээхтик арыйыыга Андрей Осипов үөрэппит учууталлара, устудьуоннара, худуоһунньуктар, искусствоведтар, биир идэлээхтэрэ, аймах-билэ дьоно муһуннулар.
Искусствоведтар Зинаида Иванова-Унарова, Галина Неустроева, худуоһунньуктар, живописецтар Виктор Петров, Эдуард Васильев, график Мария Рахлеева, прикладниктар Александр Манжурьев, Светлана Петрова уо.д.а. сыаналаатылар уонна ырыттылар.
Андрей Осипов Намнааҕы педколледжка технология преподавателынан 15 сыл үлэлээтэ. Кини преподаватель түбүктээх үлэтин быыһыгар айар үлэнэн эмиэ утумнаахтык дьарыктанар. Харандааһынан графическай уруһуйдарга, живописка сэргэх үлэлэрдээх. Олору түмэн, маннайгы быыстапкатын дьон дьүүлүгэр таһаарда. Онон, кинини маһынан уһанар маастар эрэ курдук өйдүү сылдьыбыт дьоҥҥо соһуччу бэлэҕи оҥордо. Андрей Осипов аан дойдуга, Россияҕа, Саха сиригэр араас таһымнаах куонкурустарга, быыстапкаларга көхтөөхтүк кыттар.
Ыспыраапка:
Андрей Алексеевич Сунтаар улууһун Хоро с. төрүттээх. Кыра эрдэҕиттэн уруһуйга, уһанарга дьоҕурдааҕа биллибитэ. Бултуурга сыстаҕас, бэйэтин кыанар буола улааппыта.
1992 с. аармыйа кэнниттэн Намнааҕы педучилищеҕа үөрэнэ киирбитэ. Манна кини «Уһуйаан» диэн норуот прикладной оноһуктарын диринэтэн үөрэтэр, саҥа аһыллыбыт эбии үөрэхтээһин хайысхатын бастакы устудьуоннарыттан биирдэстэринэн буолбута. Эргиччи талааннаах уол З.Д. Понохова салайар «Сардаана» муода театрыгар дьарыктанан, Туниска тиийэ бара сылдьыбыта. 1996 с. үөрэҕин бастакы колледжнай бөлөххө бүтэрбитэ. Саха норуодунай худуоһунньуга, живописец Г.Г. Петров салайыытынан «Байанай» хартыынаны холустаҕа суруйбута. Салҕыы Саха судаарыстыбаннай педакадемиятын 2004 с. ситиһиилээхтик бүтэрбитэ. Г.Г. Петров салайыытынан «Арчылааһын» диэн үлэни оҥорбута.
Педагог быһыытынан үлэтин 1999 с. Харбалаахтааҕы 18 нүөмэрдээх СПТУ-тан саҕалаабыта. Тимир, мас ууһа, норуот маастара Виктор Протопоповтан элбэххэ уһуйуллубута, үөрэммитэ. Андрей Алексеевич манна үлэлии сылдьан өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапкаларга кыттан барбыта. Элбэх быыстапкалар кыттыылаахтара А.Осипов «Дьокуускай – ирбэт тоҥ киинэ» аан дойдутааҕы күрэххэ – «Бастыҥ композиция», «Магаданнааҕы хурустаал» муус оҥоһуктар V аан дойдутааҕы курэхтэригэр «Маастар» номинациялары ылбыта, муус оҥоһуктар өрөспүүбүлүкэтээҕи фестивалларыгар инники миэстэлэргэ тиксибитэ.