Федерация Сэбиэтин аграрнай бэлиитикэҕэ итиэннэ айылҕаны туһаныыга кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Егор Борисов уонна АККОР Бэрэсидьиэнэ Владимир Плотников Москубаҕа, муус устар 11 күнүгэр XI Бүтүн Арассыыйатааҕы тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэрин сийиэстэрин салайан ыыттылар.
Сийиэскэ 59 эрэгийиэнтэн 279 дэлэгээт, ол иһигэр, Саха сириттэн тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин миниистирин бастакы солбуйааччы Анна Стручкова уонна астыыр-таҥастыыр тэрилтэлэр өрөспүүбүлүкэтээҕи сойуустарын толорооччу дириэктэрэ Андрей Ноговицын кыттыыны ыллылар.
Ол туһунан Андрей Ноговицын маннык кэпсиир:
— Сийиэскэ тыа хаһаайыстыбатын портебительскэй кэпэрэтииптэрэ (ТХПК-лар) судаарыстыбаннай былаас уорганнарын кытары киэҥ хабааннаах кэпсэтиилэрэ тэрилиннэ. Элбэх киһи тыл эттэ. Мин Саха Өрөспүүбүлүкэтин 12 ТХПК-тын аатыттан үлэни-хамнаһы кыаһылыыр кыһалҕалар тустарынан эттим. Сааҥсыйанан сибээстээн, астыыр-таҥастыыр кэпэрэтииптэр технологическай тэрилинэн, суулуур-хаалыыр матырыйаалынан, атын да тэриллэринэн хааччыллыыга уустуктары көрсөллөр, тоҕо диэтэххэ, ааспыт өттүгэр ол сүрүннээн тас дойдулартан киллэриллэрэ. Каадыр тиийбэтэ, исписэлиистэри олорор дьиэнэн хааччыйыы эмиэ уустук. Оҥорон таһаарар бородууксуйабыт бэйэҕэ турар сыаната улахан буолан, ас-үөл маҕаһыыннарын ситимин кытары күрэстэһэр ыарахан. Ону бэлиэтээн тураммын, сэттэ боппуруоһу туруорустум.
Бастатан туран, исписэлиистэри тыа сиригэр олохсутууга көдьүүстээхтэрин көрдөрбүт «Земскэй луохтуур», «Земскэй учуутал», «Земскэй култуура үлэһитэ» бырагыраамалар курдук, «Земскэй аграрий» диэн бырагыраама наада. ТХПК үлэһиттэрэ ипотекаҕа чэпчэтиилээх кирэдьиитинэн туһаныахтаахтар, үлэлээбит сылларынан биэнсийэҕэ эрдэ тахсыахтаахтар, биэнсийэлэрин кээмэйэ үрдэтиллиэхтээх. Оччотугар эрэ тыа сиригэр, уопсайынан тыа хаһаайыстыбатыгар анал идэлээх исписэлиистэри олохсутан үлэлэтэр ситиһиллиэҕэ.
Иккиһинэн, «Тыа сирин территорияларын кэлим сайыннарыы» бырагыраамма сөргүтүллэн, ТХПК үлэһиттэрэ дьиэ туттар ороскуоттарын 70 %-ын толуйар социальнай көмө көрүллүөхтээх.
Үсүһүнэн, ТХПК-лар РФ нолуогун патентнай тиһигэр киириэхтээхтэр.
Төрдүһүнэн, астыыр-таҥастыыр ТХПК-лар материальнай-технологическай баазаларын саҥардыыга граннарынан өйөбүл кээмэйэ улаатыахтаах.
Бэсиһинэн, биһиги кэпэрэтииптэрбитигэр сөп түбэһэр дьоҕус кыамталаах астыыр-таҥастыыр тэриллэри дойдуга оҥорууну сөргүтүөххэ наада.
Сэттиһинэн, биһиги, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ТХПК-лара «Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын туһунан» 183 №-дээх федеральнай сокуон олохтоох хаһаайыстыбалар бородууксуйаларын батарыы уонна агрегатордары тэрийэр туһунан пууннарыгар сөптөөх уларытыылар киирэллэрин өйүүбүт.
Санатан эттэххэ, Андрей Тимофеевич Ноговицын өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан, 1997 с., «Чурапчы» кэпэрэтииби тэрийсэн, Чурапчы улууһун 1 900 кэтэх ыалын, 300 бааһынай хаһаайыстыбатын түмэн, үүтү тутан астыыр тиһиги олохтообута. Бу кэпэрэтииби 19 сыл устата салайан, «Чурапчы этэ», «Чурапчы арыыта», «Чурапчыга оҥоһулунна» диэн бренди үөскэппитэ. Атын улуустарга үтүө холобур буолбута.
Күн бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 226 тыа хаһаайыстыбатын потребительскэй кэпэрэтиибэ баар, олортон 55 кэпэрэтиип соҕотуопкалыыр-астыыр аналы толороллор. Онон тыа хаһаайыстабытын бородууксуйатын соҕотуопкалааһыҥҥа, астааһыҥҥа-таҥастааһыҥҥа, харайыыга уонна батарыыга агрегатор быһыытынан үлэлииллэр-хамсыыллар. Бу туһунан Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин пресс-киинэ иһитиннэрэр.
Источник: Саха парламент саайт
This post was published on 17.04.2024 15:33 15:33