Ил Түмэн бэһис ыҥырыытын дьокутааттара “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын туһунан” диэн сокуону ылынан, тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар кэккэ уларыйыылар, чуолаан үүт харчытын тыырыы механизмыгар уларытыылар киирбиттэрэ. Аны кэлэр сылтан тыа хаһаайыстыбатын сорох боломуочуйалара, ол иһигэр үбү-харчыны аттарыы улуустар көрүүлэригэр бэриллээри турар. Бу туһунан Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньаҕын тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкины кытары кэпсэттибит. Суруйар edersaas.ru
— Андрей Михайлович, ааспыт ый ортото Ил Түмэҥҥэ эһиги кэмитиэккит тэрийэн ыыппыт “Соҕотуопканы кэҥэтиигэ уонна тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын элбэтиигэ кэпэрээссийэ оруола” диэн “төгүрүк остуолга” потребительскай кэпэрээссийэни өйүүр туһунан сокуон барылын оҥорбуккут туһунан кэпсээбитиҥ. Бу сокуон барылын туһунан кылгастык сырдатарыҥ буоллар.
— Биһиги кэмитиэппит тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаах боппуруостарга балачча үлэлэстэ. Саамай бастакынан потребительскай кэпэрээссийэ боппуруоһун көрбүппүт. Ол эбэтэр, потребительскай сойуустары уонна потребуопсастыбалары өйүүр туһунан сокуон барылын. Ити өссө бэһис ыҥырыыттан хаалбыт сокуон барылын саҥаттан сөхсүтэммит, хаттаан көрүүгэ киллэрбиппит. Онтукабыт бастакы ааҕыыны ааспыта. Билигин пандемиянан сибээстээн сиэссийэбит барыта онлайн киэбинэн барар. Регламент быһыытынан бастакы уочаратынан Ил Дархан киллэрбит боппуруостара көрүллэллэр. Ол иһин ити боппуруоһу көрө иликпит. Аны ити сокуон барыла бастакы ааҕыыны ааспытын кэннэ, СӨ Бырабыыталыстыбата ылымматаҕа. Ону көннөрөн баран иккис ааҕыыга син биир бэлэмниибит. Бастакыны аастыбыт да иккискэ барыахтаахпыт. Дьиҥэр, потребительскай сойуустар, уопсастыбалар тустарынан федеральнай сокуон баар. Онно сурулла сылдьарынан, бу сойуустар уонна уопсастыбалар эмиэ атын тэрээһиннэр курдук судаарыстыбаннай көмөнү ылыахтаахтар, ол иһигэр араас бырагыраамаларга киирсиэхтээхтэр, субсидияларынан туһаныахтаахтар, бааннартан чэпчэтиилээх кирэдьиити ылыахтаахтар диэн. Ол гынан баран, мантыбыт эмиэ “ноолоох”. Докумуоҥҥа сурулларынан, ситэриилээх былааһы кытары дуогабардаһыы түмүгүнэн сөбүлэһии түһэрсиэхтээхтэр. Ол аата, потребсойуус уонна Бырабыыталыстыба. Сөбүлэһиигэ киирбит пууннары бары толоруллуохтаахтар. Билигин оннук сөбүлэһии баар. СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна “Холбос” потребительскэй холбоһук бэрэссэдээтэлэ Петр Мишкины кытта. Бу былырыын түһэрсиллибитэ. Билигин ити сөбүлэһии иитинэн үлэ бара турар. Кинилэр ити федеральнай сокуон баарынан эрэгийиэннээҕи бэрээдэктиир сокуон баар буолуохтаах дииллэр. Ити биирэ. Иккиһинэн, биһиги Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын сайдыытын туһунан сокуоҥҥа уларытыылары киллэрэн эмиэ бастакы ааҕыыны аһарбыппыт. Онно судаарыстыбаннай өҥөнөн ким туһаныахтааҕа, субсидияларга ким тиксиэхтээҕэ барыта сурулла сылдьар. Тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарар кэпэрэтииптэрэ, производственнай кэпэрэтииптэрин тэҥэ, потребуопсастыбалар, потребсойуустар эмиэ туһаныахтаахтар диэн эбэн биэрдибит. Оччоҕуна Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын туһунан сокуоҥҥа киирэн биэрдэхтэринэ, кинилэр эмиэ көмөнү ылыахтаахтар. Онон икки суолунан баран иһэбит. Биирэ туспа сокуон. Биирэ Тыа хаһаайыстыбатын сокуонун иһигэр киирэ сылдьар. Бу балар иккиэн бастакы ааҕыыны ааспыттара.
— Сылгы иитиитин туһунан сокуон элбэх киһини долгутар. Чуолаан идэһэлээһин боппуруостара.
— Сылгыны иитии туһунан сокуоҥҥа (коневодство) икки уларытыы баар. Бастакыта, сылгы мэччийэр сирэ. Иккиһинэн, “үгэскэ кубулуйбут идэһэлээһин”, нууччалыы “традиционный убой” диэн. Бу туһунан Саха сирин сокуонугар эмиэ ыйыллыбакка сылдьар. Дьоннор билигин бэйэлэрэ сииллэригэр син биир олбуордарыгар убаһаларын, сылгыларын өлөрөллөр. Аны биэс-алта сыллааҕыта Арассыыйа үрдүнэн үлэҕэ киирбит тиэхиньиичэскэй регламент быһыытынан, сүөһүнү анал буойунаҕа илдьэн өлөрүллүөхтээх. Маннык буойуналар нэһилиэнньэлээх пуун аайы суох. Онон биһиги дьон бэйэлэрэ сииллэригэр олбуордарыгар үгэс быһыытынан өлөрөллөрүн туруорсабыт. Бу сокуон барыла бастакы ааҕыыны ааспыта.
— Эһиилгиттэн тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар улахан уларыйыылар киирээри тураллар. Ол туһунан кэпсэтии, мөккүөр, дьүүллэһии күн бүгүнүгэр диэри уҕараабат. Кэтэх хаһаайыстыбалаах ыаллар сааскыттан саҕалаан үүт туттаран, кыра да буоллар, дохуот аахсаллар. Кэлэр сылтан ыанар ынахха 35 тыһыынча солкуобай төлөнөр диэтилэр.
— Билигин саамай күүскэ үүт харчытын боппуруоһун туруорсабыт. Ахсынньы 1 күнүгэр ыытыллар Ил Түмэн уочараттаах пленарнай мунньаҕар бу боппуруос көрүллүөхтээх (А.М.Находкины кытары сэтинньи 26 күнүгэр кэпсэтииттэн – ааптартан). Бу сокуон бырайыага Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн көрүллэр. Бу сокуон тула сэтинньи 20 күнүгэр диэри кэпсэтии, дьүүллэһии барбыта. Барытын ааҕан, көрөн, дьүүллэһэн баран, биһиги кэмитиэппит сокуоҥҥа биир уларытыыны, онтон иккис уларытыыны “Сиэрдээх Арассыыйа” баартыйа киллэрбитэ. Мин санаабар, сокуон иккис ааҕыыны ааһыаҕа. Бу үптээх-харчылаах сокуон. Бу олох саҥа механизм буолар. Омуннаабакка эттэххэ, сокуон барылын икки сылы быһа ырыттыбыт. Тыһыынчанан этии киирбитэ. Ким эрэ сөпсөһөр, сорохтор ханнык эрэ пууну утараллар. “Сөп”, “Сыыһа” диэн элбэх этэ. Миэстэтигэр үлэлии сылдьар дьонтон саҕалаан улахан салайааччыларбытыгар тиийэ бары этиннилэр. Өрөспүүбүлүкэ Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаевка, Судаарыстыбаннай Дуумаҕа баар дьокутааттарбытыгар тиийэ.
— Оттон сүөһүлээх-астаах дьоннор бу сокуону туох дииллэр?
— Саҥа аата саҥа. Биир сыл үлэлээтэҕинэ көрүөхпүт. Муҥутаан үс сылынан көстүөҕэ. Сөпкө дьаһаммыппыт дуу, сыыһа дьаһаммыппыт дуу диэн. Араас таһымнаах эспиэрдэр үлэлээтилэр. Итиннэ биири өйдүөххэ наада. Биһиги билигин син биир табаарынай производствоҕа барабыт. Ол эбэтэр табаарынай производствоны ким оҥороруй? Барытын анал ыанньык (специализированная дойка), сылгы өттүгэр буойуна (убойнай пункт). Ол аата тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар. Ити биирэ. Иккиһинэн, бу сылга диэри үүккэ 35 солкуобай бүддьүөттэн көрүллэр этэ. Үбэ-харчыта соҕотуопкалааччы нөҥүө барара. Ким эрэ төлүүр, ким эрэ төлөөбөт этэ. Иэстээх соҕотуопкалааччылар билигин даҕаны улуустарга бааллар. Аны харчыларын ылбаккалар, сүөһүлэрин эспит дьон эмиэ бааллар. Ээ, биһиги үүт туттарбаппыт дииллэр. Наһаа эрэйдииллэрин иһин. 35 солкуобайдарын да сүгүн биэрбэттэр диэн. Эгэ, 15 солкуобайдарын биэриэхтэрэ дуо дииллэр. Харчыларын оннугар бурдугунан, арыынан биэрэллэр, биитэр туох эрэ өҥө оҥорбуппут диэн онон аахса сатыыллар. Онон дьон интэриэһэ алдьархай кыччаата. Билигин Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ биэрэр чахчыларынан, үүт туттарар дьон ахсаана нэһилиэктэргэ кэтэх хаһаайыстыбалаах 100 ыалтан 30 эрэ ыал туттарар. Үүттэрин туттарбат ыаллар арыыланаллар. Инньэ гынан, төбөтүгэр да, үүккэ да харчы ылбаттар. Ол иһин кэтэх хаһаайыстыбалаах чааһынай ыалы барытын 100 бырыһыан хабар сыаллаах ити сокуоҥҥа олоҕуран, тыа хаһаайыстыбатын боломуочуйалара улуустарга бэриллиэҕэ. Ол эбэтэр, улуустар үлэлиэхтээхтэр. Харчы кинилэргэ кэлэн түһэр. Ону улуус хамыыһыйата, улуус баһылыга, дьокутааттар бары кыттыһаннар, үүтү соҕотуопкалааччыга биитэр үүт туттарааччыга быһаччы ыыталларын быһаараллар.
Сокуон үтүө уонна мөкү өрүттэрэ аны биир сылынан дьэ көстүөҕэ.