Бэҕэһээ, Россия норуодунай артыыһа, биллиилээх режиссер, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Сүбэһитэ Андрей Саввич Борисов, тыйаатыр искусствота сайдыытыгар уһулуччулаах кылаатын иһин, дохсун ытыс тыаһын доҕуһуолунан, “Кыһыл көмүс мааска” Национальнай бириэмийэни тутта.
Лауреаттары наҕараадалааһын сиэрэ-туома муус устар 19 күнүгэр Москваҕа, К.С. Станиславскай уонна Вл.И.Немирович-Данченко ааттарынан Музыкальнай тыйаатырга үөрүүлээх быһыыга-майгыга ыытылынна.
Бу күн наҕараадаламмыттар ортолоругар ССРС норуодунай артыыһа, А.П.Чехов аатынан МХТ уус-уран салайааччыта Олег Табаков, ССРС норуодунай артыыһа Владимир Этуш, Мариинскай тыйаатыр солистката Ирина Богачева, ырыаһыт Айгум Айгумов, Россия норуодунай артыыһа Георгий Котов, о.д.а. бааллар.
[vc_row][vc_column][vc_message message_box_style=»3d» message_box_color=»grey»]
Ыспыраапка: Андрей Саввич Борисов
1951 с. сэтинньи 28 күнүгэр Кэбээйи улууһун Ньидьили с. төрөөбүтэ.
М. С. Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училищены уонна А.В. Луначарскай аатынан Театральнай институту режиссер идэлээх бүтэрбитэ.
1982 с. – П. А. Ойуунускай аатынан Саха драматическай тыйаатырын сүрүн режиссера.
1983 с. – Тыйаатыр уус-уран салайааччыта.
1986 с.— ССРС Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата (“Хаарыан хампа күөх кытылым…” испэктээкил иһин).
1989-1991 с.с. – ССРС норуодунай дьокутаата.
1990-2014 с.с. – СӨ Култууратын уонна духуобунай сайдыытын миниистирэ.
1999с – РФ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата (“Илиир Хоруол”).
2004 с. – Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата.
2008 с. – Олоҥхо тыйаатырын төрүттээччи.
2009 с. – “Чыҥыс Хаан ыйааҕынан” киинэ режиссера.
2011с. – СӨ Бочуоттаах гражданина.
2014с. — СӨ Судаарыстыбаннай Сүбэһитэ.
[/vc_message][/vc_column][/vc_row]
This post was published on 20.04.2017 13:01 13:01