18 Балаҕан ыйа 18.09
  • $ 91,43
  • 101,51

Анатолий Уянди: «Владимир Путины норуот мындыр өйдөөх бэлиитигинэн билинэр»

11:32, 19 декабря 2023
Текст:
Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет «Арктическое право» кафедратын сэбиэдиссэйэ Анатолий Николаевич Слепцов (Уянди) Владимир Путин Арассыыйа Бэрэсидьиэнин быыбарыгар кыттарын өйүүр, суруйда «Саха сирэ» сайт.

— Мин Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быыбарга саҥа болдьоххо турарын ис сүрэхпиттэн өйүүбүн. Владимир Владимирович бэлиэтээбитин курдук, Арассыыйа норуота — былаас соҕотох источнига. Мин санаабар, кини судаарыстыбаҕа уустук кэмнэргэ норуот өйөбүлүн ыларга быһаарынар, онтон норуот киниэхэ бүттүүн итэҕэйэр, олох сайдарыгар бэйэтин туһалаах лиидэринэн көрдөрбүт Владимир Путинныын эрэ бэйэтин инникитин көрөр.

Арассыыйа бэрэсидьиэнин быыбара аан дойду хабааннаах түгэн. Тоҕо диэтэххэ,  кинини  эппиэтинэстээх, аптарытыаттаах уонна мындыр өйдөөх бэлиитигинэн билинэр  киһи аан дойдуга элбээтэр элбээн иһэр, — диэтэ Анатолий Слепцов.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА