Анатолий Семенов: Национальнай бэчээти сайыннарыыга улахан соруктары толоробут

Убаастабыллаах Саха сирин олохтоохторо! Эhигини барыгытын Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай бэчээтин күнүнэн эҕэрдэлиибин! XX үйэ саҥатыгар сахалыы тылынан бэчээттэммит хаһыаттар, сурунааллар саха норуота бэйэтин омук быһыытынан билиниитигэр суолталара сүҥкэн улахан.


Бүгүн судаарыстыба үбүлээhининэн сахалыы тылынан бэчээттэнэн тахсар 27 хаhыат, үс сурунаал сонуннарын, ыстатыйаларын социальнай ситимнэринэн ааҕааччыга тиэрдэр көрүҥнэри тобулаллар. Биhиги иннибитигэр улахан соруктар тураллар: балысханнык сайда турар кэмҥэ төрөөбүт тылбытын сыыппара эйгэтигэр көhөрөн тыыннаах хаалларыы, сайыннарыы.

“Бичик” кинигэ кыһата сахалыы тылынан араас кинигэни таһаарар, мультимейдийнай бырайыактары киллэрэр. Оҕо-аймах сайдарыгар аналлаах «Букубаар», «Сахалыы халандаар» бырагыраамаларынан дьон туhанар буолла. “Эдэр саас”, “Улуус Медиа”, “Сахапечать” саайтары дьон күн аайы ааҕара, туhанара элбиир. Саха тыла «Яндекс. Переводчик» сервиска аан дойду тылларын кытта тэҥҥэ киирэрин ситистибит. Ону тэҥэ Google, Facebook эйгэтигэр Аан дойдутааҕы интернет ситимигэр саха тылын киллэрии үлэтин ыытабыт.

«Википедия» интернет-энциклопедияҕа сахалыы тылынан матырыйааллары киллэрэргэ сүрүннүүур үлэ министиэристибэҕэ сүктэрилиннэ.

Төрөөбүт тылбыт сайыннын! Саха национальнай бэчээтэ туругурдун!!!

This post was published on 01.07.2020 14:02 14:02