Паралимпийскай оонньуулар кыайыылааҕа Анастасия Диодорова Пекиннээҕи оонньууларга Арассыыйа спортсменнарын көҥүллээбэтэхтэрин туһунан санаатын эттэ:
«Хас биирдии спортсмен ыра cанаата — Олимпийскай оонньуулар мэтээллэриин ситиһии. Спорду көннөрү үлүһүйүү буолбакка, олоҕун сүрүн сыалынан ыланар киһи, кыайыы уонна хотторуу сыанатын билэр. Бу элбэх эрчиллии эрэ буолбакка, киһи бэйэтин характерын тургутутуу. Пекиннээҕи оонньууларга биһиги спортсменнарбытын киллэрбэтэхтэрэ — бу олимпизм бүтүн идеятын кэһии дии саныыбын. Спорт куруутун норуоттар икки ардыларыгар эйэ- дэмнээхтик сыһыаннаһалларыгар, физкултуура нөҥүө биир тылы булалларыгар, ытыктабыллаахтык сыһыаннаһалларыгар сулууспалаабыта. Бу принциптэр тутуһуллуохтаахтар уонна бүтүн Аан дойду дьонугар холобур буолуохтаахтар».
This post was published on 05.03.2022 17:01 17:01