Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар анаан улуустар 40 туонна ас бэлэмнээтилэр

Хаартыска: ЯСИА саайта

40 туонна эт, балык уонна үүт ас Саха сиригэр «Идэһэ» аахсыйа кэмигэр муниципальнай тэриллиилэргэ бэлэмнэннэ. Бу күннэргэ ону анал байыаннай дьайыы буола турар сиригэр ыыттылар. Ол туһунан ахсынньы 11 күнүнээҕи брифиҥҥэ гражданскай оборуонаҕа миниистир  Дмитрий Лепчиков эттэ.

Кини эппитинэн, таһаҕас айанныыр уонна Саҥа дьыл иннинэ Саха сириттэн сылдьар буойуттарга тиксиэҕэ.

«Толоруулаах былаас уорганнарын, судаарыстыбаннай тэрилтэлэр, предпринимателлэр көхтөөх өйөбүллэринэн олохтоох оҥорон таһаарааччылар астарынан саҥа дьыллааҕы бэлэхтэр оҥоһуллан, СВО-ҕа уонна Москва, Санкт-Петербург, Приморье уонна Хабаровскай госпиталларыгар эмтэнэр байыастарга ыытыллаллар», – диэтэ миниистир.

«Патриотическая» ТОР федеральнайдааҕы бырагыраама чэрчитинэн Саха сирин ДНР-га тирэх пуунугар «Якт-Сокол» квадроцикллар тириэрдиллэ тураллар.

«Сотору кэминэн СВО-ҕа «Тимир Ат» оҥорбут электромотоциклларын тиксэриэхпит. Маны сэргэ, өссө тэрилтэлэр уонна биэдэмистибэлэр биэрбит тоҕус массыына ыытылларга бэлэм турар. Үс массыынаны бу күннэргэ ыытабыт», – диэтэ Дмитрий Лепчиков.

This post was published on 12.12.2024 11:01 11:01