ДНР, ЛНР уонна Курскай уобалас территорияларыгар анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар нэдиэлэ устата Саха сириттэн 140-тан тахса аадырыстаах баһыылка тиксэрилиннэ. Ол туһунан брифиҥҥэ тирэх пууннар кылаабынай сүрүннээччилэрэ «Юстас» иһитиннэрдэ.
«Механиктар икки УАЗ «Фермер» өрөмүөннээтилэр, хас да «Якт-Сокол» квадроцикллары үлэҕэ киллэрдилэр. Сылы быһа механиктар 120-тэн тахса тырааныспары бойобуой сорудахха бэлэмнээтилэр», – диэтэ «Юстас».
Тирэх пууннар сотрудниктара Саҥа дьылга диэри Ил Дархан бэлэхтэрин байыастарга тиксэрэр үлэни ыытыахтара.