Анал байыаннай дьаһалга кыттыбыт Саха сириттэн байыаннайдар дойдуларыгар төннөн, медицинскай реабилитация уонна спортивнай медицина киинигэр реабилитация ааһаллар. Ол туһунан киин кылаабынай бырааһа Кюнна Назарова брифиҥҥэ эттэ.
Кылаабынай быраас эппитинэн, байыаннайдары реабилитационнай медицина, эмтиир физкультура быраастара, травматолог, ортопед, физиотерапевт уонна невролог консультациялыыллар.
«Наада буоллаҕына исписэлиистэр ыҥырыллаллар. Ол иһигэр психотерапевт, психиатр, клиническай психолог. Эмтиир физкультура, тыынар гимнастика, массаж, физиотерапевтическай процедура ананар», – диэтэ кини.
Кюнна Назарова бэлиэтээбитинэн, кииҥҥэ реабилитацияҕа наадалаах оборудование толору баар.
This post was published on 25.11.2022 16:27 16:27