Саха сиригэр анал байыаннай дьаһал 46 кыттыылааҕа үлэ булуутугар көмөлөһөллөрүгэр эттилэр. Бүгүҥҥү туругунан 15 киһи үлэнэн хааччылынна.
Ол туһунан брифинҥэ өрөспүүбүлүкэ дьарыктаах буолууга киинин дириэктэрин бастакы солбуйааччыта Игорь Соловьев эттэ. «Кииҥҥэ 46 анал байыаннай дьаһал кыттыылааҕа үлэ көрдөөн кэлэ сырытта, онтон 15 киһи үлэнэн хааччылынна. Билигин учуокка 29 киһи турар, 19 киһи үлэтэ суох статустаах. Маны сэргэ анал байыаннай дьаһал кыттыылааҕын дьиэ кэргэниттэн 86 киһи биһиэхэ кэлэ сырытта, тута 36 киһиэхэ үлэ булан биэрдибит. Үлэтэ суох статустаах 36 киһи учуокка баар», — диэтэ Игорь Соловьев.
Киин үлэнэн хааччыйыыны таһынан профориентационнай үлэ ыытар, социальнай адаптация, психологическай өйөбүл оҥорор. Баҕалаахтар идэҕэ үөрэниэхтэрин сөп. Саамай наадалаах идэ — экскаватор уонна бульдозер машиниһа, суоппар, слесарь, сварщик, электрик. Дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ бухгалтерскай учуокка, кассир, иитээччи, медсестра, социальнай үлэһит идэлэригэр үөрэнэллэр.
Саха сиригэр СВО кыттыылаахтара үлэ булууларыгар көмө инники тутуллар боппуруос буолар, дьарыктаах буолуу кииннэрин нөҥүө.
This post was published on 27.06.2023 17:28 17:28