Анаабырга ньиэби хостооһун саҕаланыан сөп

Анаабыр улууһугар Прончищевскайдааҕы нефть баайдаах сири туһаҕа таһаарыы тула уопсастыбаннай истиилэр буоллулар. Бырайыак инвестора – Ростех салалтатынан үлэлиир «РТ-Глобальные Ресурсы» ХЭТ.


Тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ промышленноска миниистирэ Андрей Панов, бизнес, уопсастыбаннас бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар. «РТ-Глобальные Ресурсы» компания Прончищевскайдааҕы учаастакка ньиэби көрдүүргэ, хостуурга, оҥорон таһаарарга инвестор буоларга бэлэм.

Прончищевскайдааҕы учаастак ураты харыстанар «Төрпөй-Тумус» сири кытта кыраныыссалаһа сытар. Углеводороду көрдүүргэ, хостуурга көҥүл ылар иһин бу сири ресурса резерватыттан таһаарыы ирдэниллэр. Манна нефть хостонноҕуна, ис ырыынагы хааччыйыахтаах, ону таһынан хоту муора суолунан экспорга таһаарыахтаах.

Компания бэрэстэбиитэлэ Дмитрий Мортин этэринэн, бу сири туһаҕа таһаарыы Россия Арктикатын сайыннарыыга, экономика көрдөрүүтүн өрө таһаарарга олугу ууруохтаах. Инникитин переработкалааһын олохсутуллуон сөп. Оттон ол Саха сирин хоту уонна арҕаа өттүлэрин уматыгынан хааччыйыаҕа.

«РТ-Глобальные Ресурсы» компания уһун кэмҥэ, олохтоохтору кытта хардарыта дьайсан, эппиэтинэстээхтик үлэлиир соруктаах. Сырьену көрдүүргэ быраабы ыллахтарына, геологоразведочнай үлэ кэлэр сылтан ыла саҕаланыахтаах.

Онно айылҕа харыстабылын сокуона тутуһулларын инвестордар мэктиэлииллэр. Уопсастыбаннай истиилэр түмүктэринэн олохтоохтор бырайыагы өйөөтүлэр. Баар сокуоннар чэрчилэринэн матырйаалы бэлэмниэхтэрэ уонна 2016 сыл 3-4 кыбаарталларыгар Анаабырга боппуруоһу уопсастыбаннай истии таһымыгар өссө төгүл таһаарыахтара.

This post was published on 16.07.2016 13:29 13:29