Бүгүн, ахсынньы 1 күнүгэр, Анаабыр улууһугар Саҥа дьыллааҕы харыйа уота умайда. «Алмаас» этно-культурнай киин таһыгар тэрээһин ыытылынна, диэн суруйда «Анаабыр уоттара» хаһыат телеграм-ханаала.
«Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» этно-бэстибээлгэ анаабырдар кыттыстылар. Уһук хоту дойду олохтоохторо кыһын кэлбитин, саҥа 2024 сыл чугаһаабытын бэлиэтиир дьаһалга көхтөөхтүк кытыннылар.
Бэстибээлинэн Мария Попова эҕэрдэлээтэ. Чысхаан уонна кини сиэнэ Хаарчаана үөрүүнү-көтүүнү бэлэхтээтилэр. Хаарчаана ырыатын мустубут дьон тэҥҥэ ылласта.
This post was published on 01.12.2023 14:04 14:04