Анаабыр улууһун урукку баһылыгын утары холуобунай дьыала салҕанар

Анаабыр национальнай оройуонун урукку баһылыгыттан 72 мөл. солк. тахса суумалаах хамсаабат баайы ирдээн ыллылар, бу туһунан регион прокуратурата иһитиннэрэр.

2016-2022 сс. Анаабыр оройуонун баһылыга уонна кини дьиэ кэргэнин чилиэннэрэ сыаналаах хамсаабат баай-дуол эбийиэктэрин атыыласпыттар. Ол иһигэр Toyota Land Cruiser Prado массыына, Дьокуускайга гараж, Санкт- Петербурга уонна Москваҕа кыбартыыралар, ону тэҥэ 400-тэн тахса кв. м иэннээх чааһынай дьиэни туттубуттар.

Баай- дуол сыаната бу киһи сокуоннай дохуотун лаппа куоһарар, атын сиртэн эбии дохуот кэлэрин туһунан туоһу суругу суукка биэрбэтэх.

This post was published on 16.09.2023 12:03 12:03