Барыллаан иһитиннэриинэн, Эдуард Платонов Анаабыр улууһун баһылыгын дуоһунаһыгар быыбарга кыайда, суруйар СИА.
1984 сыллаахха Анаабыр улууһун Сааскылааҕар төрөөбүтэ. Үөрэҕэ үрдүк, 2009 сыллаахха Саха сиринээҕи тыа хаһаайыстыбатын академиятын бүтэрбитэ, идэтэ «Технология обслуживания и ремонта машин в агропромышленном комплексе».
Кэргэннээх, икки оҕолоох.
Үлэтэ:
2002-2004 сс. — Сааскылаахха дизельнай ыстаансыйа 3 разрядтаах электроментер;
2007-2007 — электромонтер, «Анаабыр Алмаастарыгар» «Маят» бириискэ слесара;
2008-2008 — Анаабырдааҕы ОДьКХ слесарь-сантехнига;
2009-2010 — Сааскылаахха дизельнай ыстаансыйа 3 разрядтаах электроментер;
2010-2011 — ДЭС смена начальнига;
2011-2011 — «Сахаэнерго» ГСМ-ҥа инженерэ;
2011-2016 — кылаабынай инженер;
2016 сылтан – начальник.
Депутат уонна уопсастыбаннай үлэ:
2013 — 2018 сс — Сааскылаах нэһилиэгин депутата;
2018 сылтан — Анаабыр улууһун депутаттарын сэбитин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы;
2018 сылтан президент В.В.Путин Анаабыр улууһугар итэҕэллээх киһитэ.
Наҕараадалара:
2017 с — «385 лет Якутия с Россией» үбүлүөйдээх Бэлиэ;
2014 с — «Сахаэнерго» АУо грамотата;
2019 с — «Якутскэнерго» ПАУо грамотата.