«Анаабыр алмаастара» хампаанньа Саха сиригэр 105 гектар сиргэ ойууру чөлүгэр түһэриэҕэ

«Алмазы Анабара» хампаанньа Саха сиригэр үлэни ыытыы кэмигэр алдьаппыт ойуурун чөлүгэр түһэрэр былааннаах, суруйар RosTender.info.

Хампаанньа ойууру чөлүгэр түһэриигэ тендер биллэрдэ. Суумата 24,8 мөл солк. Сайаапкалары бэс ыйын 2 күнүгэр диэри туталлар, куонкурсу көрүү бэс ыйын 17 күнүгэр буолар.

Хампаанььа үлэтин кэмигэр алдьаппыт ойуурун чөлүгэр түһэрэр сыаллаах мас олордуоҕа. Тендер докумуоннарынан көрдөххө, 105 гектардаах сир чөлүгэр түһэриллэр.

This post was published on 24.05.2021 16:01 16:01