Чурапчы улууһун Дириҥиттэн Иннокентий Осипов 5 киһилээх биригээдэтэ Амурскай уобалас Зейскэй оройуонугар от үлэтин саҕалаата. Биригээдэ былаан быһыытынан 1000 га сири оттуохтаах. Бу туһунан СИА тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр сигэнэн суруйар.
Маны сэргэ, Сылаҥтан Михаил Макаров салайааччылаах 5 киһилээх биригээдэ бу күннэргэ эмиэ Амурскай уобаласка айаннаата.
Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ биригээдэлэр сорох ороскуоттарын уйунуоҕа, оту тиэйэн аҕалыыга көмөлөһүө.
Быйыл Саха сирин үрдүнэн уопсайа 457 тыһ. туонна от бэлэмнэниэхтээх. Ити эрэн былаан 80% туолар, о.э. 366 тыһ. туонна бэлэмнэнэр туруктаах.
Мобильнай биригээдэлэр билиҥҥитэ Амма, Хаҥалас, Мэҥэ Хаҥалас, Бүлүү, Сунтаар, Ньурба улуустарыгар, Дьокуускайга барыта 6 тыһ. туонна оту бэлэмнээтилэр.
Амур уобалаһыттан 16 тыһ. туонна, Забайкальеттан 10, Хабаровскайтан 5 тыһ. туонна от атыылаһыллыа.
This post was published on 16.08.2021 14:30 14:30