Биир дойдулаахпыт СӨ правительствотын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, Уһук Илиҥҥи Федеральнай уокурукка СӨ Мэлдьи үлэлиир бэрэстэбиитэлэ Георгий Дмитриевич Никонов көҕүлээһининэн номнуо хаһыс да төгүлүн ыытыллар ыһыах Хабаровскай куоракка буолан ааста. Улуустар кыттыылаах бу иккис ыһыах буолла, былырыыҥҥы ыһыахха Сунтаардар, быйылгы ыһыахха улахан делегациянан Таатта уонна 7 киһилээх Алдан улуустара (Аллараа Кураанахтан) кыттыыны ыллылар. 2013 сылтан Российскай Федерация государственнай национальнай политикатын стратегическай программатын чэрчитинэн Хабаровскай кыраайга ыһыах ыһыыта олоххо киирбитэ. Бу тэриллэр ыһыахтар норуоттар доҕордоһууларын, сомоҕолоһууларын уонна өйдөһүүлэрин символынан буолар.
Чаҕылхай күннээх, күөҕүнэн сууламмыт Амур өрүс кытылыгар бэс ыйын 4 күнүгэр сахалыы тыллаахтар, доҕордуу омуктар мустаннар саймаархай самаан сайыны уруйдаатылар, кэлэр кэми торумнаатылар. Таатта улууһуттан бу тэрээһиҥҥэ 40 киһилээх делегацияны Таатта улууһун баһылыга Михаил Михайлович Соров, культура улуустааҕы отделын начальнига Афанасий Петрович Лопатин, начальнигы солбуйааччы Раиса Родионовна Петрова салайан илдьэ сырыттылар.
Таатта делегацията аныгы техника араас көрүҥүн туһанан үс массыынанан, поеһынан, сөмөлүөтүнэн ыам ыйын 30 күнүттэн айаҥҥа туруммуппут. Үс күннээх-түүн быысаһан, бэс ыйын 2 күнүгэр Алдан хайаларын хаардаах тэллэхтэригэр кыһыҥҥы тыыммытын хаалларан, Амур уобалаһын сиригэр самаан сайын илгэлээх ардаҕынан сылаабытын сайҕаан, күн тахсар Уһук Илиҥҥи кыраай киин куоратын кырдьаҕас Хабаровскайы буллубут. Киэҥ Арассыыйа биир тарбахха баттанар күөх куората тополь дыргыл сытынан, саҥа баараҕай тутуулардаах киэҥ киэлитинэн айхаллыы көрүстэ. Постпредстволар эрдэ кэпсэтэн бэлэмнээбит «Какаду» диэн Шеронова уулуссаҕа куорат киинигэр хостелга түһэрдилэр.
Бастакы күммүтүгэр куорат килбэйэр киинигэр Волочаевскай уулуссаҕа халлааҥҥа харбаспыт бөдөҥ дьиэ алын этээһигэр Г. Д. Никонов уораҕайыгар — Уһук Илиҥҥи Федеральнай уокурукка Саха сирин Мэлдьи үлэлиир Бэрэстэбиитэлэстибэтигэр сүбэ мунньахха кыттыыны ыллыбыт. Георгий Дмитриевич саха киһитин сиэринэн биир дойдулаахтарын ытыс үрдүгэр түһэрэн сахалыы сайаҕастык, судургутук киһи астынар гына көрүстэ. Онтон салгыы куорат таһыгар баар ООО «Экопарк Воронеж»-1 диэн Амур өрүс үрдүгэр ыһыахпыт буолуохтаах сирин-уотун кытта билистибит. Паркаҕа киириигэ икки сэргэ манна урут сахалар мустубуттарын туоһута буолан кэккэлии сиэттиспиттэр. Амур өрүс биһиги Өлүөнэбитинээн күрэстэһэн эрэрдии киэҥ киэлитинэн нэлэһийэн, хаатыттан таһымнаан муора курдук дьалкыһыйа көрүстэ.
Иккис күммүтүгэр эбиэт иннинэ куоракка дьаарбайан, культурнай тэрээһиҥҥэ кыттар бөлөхтөр сирдэрин-уоттарын кытта билсэн өргө дылы бэлэмнэнэн хостелбытын киэһэ буллубут.
Бэс ыйын 4 күнэ, үһүс күммүт күнүс 11 чаас. Ыһыах ыһар күүтүүлээх күммүт үүннэ. Күн чэмэличчи тыган, халлааҥҥа онон-манан итир, үрүмэ былыттар ыйанан тураллар. Амур өрүс уоскуйбуттуу наҕыллык устан доллоһуйар, тула барыта сырдык, кэрэ, тополь (тирэх), черемуха күөх суугунугар, сахалыы намыын матыыпка уйдарар, алаадьы минньигэс сыта сүрэҕи-быары сылаанньытан Амур өрүс кэрэ кытылын кэрийэ дыргыйар. «Оһуор» Далбар Хотуттара дьиэлэригэр курдук киэҥ холкутук сайбаһан олорон алаадьылаан лаһыйаллар. Тоҕус уолан уолаттар түптэ күөх унаар буруотун күөдьүтэн ыһыах толоонун кии сытынан толороллор. «Оһуор», «Күн чөмчүүк» (Таатта), «Алгыс», (Алдан, вокальнай бөлөх) Хабаровскай далбар хотуттара долгулдьуһан киирэн, сахалыы сиэри ситэрэн биэрдилэр. Тоҕус — Далбар Хотуттар ыалдьыттары алҕаатылар, арчыланыы сиэрин-туомун толордулар. «Доҕордоһуу» уолаттара, студент кыргыттар тута хамсаныыларынан арчыланыыны ситэрэн-хоторон дьоҥҥо тиэртилэр.
«Үс саха төрүөҕэ тоҕуоруйдун.
Үрүҥ күн күүһэ көмүскээтин.
Арчы. Арчы. Арчы!»
Сэттэ кыталык кыргыттар кынталдьыһан киирэн өбүгэ саҕаттан саха аймах сүгүрүйэр айыы көтөрүн «Кыталык» үҥкүүтүн толордулар. Алгысчыт Виталий Очиров аал уотун аһатан, алаадьылаах арыынан айах тутан үрүҥ айыылартан көрдөһөн, дьонун-сэргэтин алҕаата. «Доҕордоһуу» уоланнара эрчимнээхтик битийэн тэтимнэрин дьүөрэлээтилэр. Тилэх баттаһа «Оһуор» кэрэ куолара хомус көмүс дорҕооннорунан «Дьөһөгөйү» сүүртүлэр, тэтимҥэ тистилэр. Онтон тойуксут тойуга доллоһуйда, кымыс «үрдүн охторуу» саҕаланна. Дария Попова симииртэн удьаа хамыйаҕынан баһан чорооннору толортоото, «Өрөгөй» үҥкүүтүнэн ыһыах аһыллыыта түмүктэнэн, СӨ Ил Дарханын эҕэрдэтин тириэртилэр. Сахалыы сиэргэ сөп түбэһиннэрэн тоҕус үрдүк сололоох ытык ыалдьыттар дьон иннигэр таҕыстылар:
- Никонов Георгий Дмитриевич – СӨ правительствотын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, СӨ Уһук Илиҥҥи Федеральнай уокурукка Мэлдьи үлэлиир бэрэстэбиитэлэ.
- Марценко Виктор Васильевич – Хабаровскай кыраай правительствотын ис политикаҕа бэрэссэдээтэлин солбуйааччы
- Балабкина Ольга Васильевна – СӨ Ил Түмэн государственнай мунньаҕын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы.
- Соров Михаил Михайлович – «Таатта улууһа» муниципальнай тэриллии баһылыга.
- Поздняков Северин Николаевич – «Алдан оройуона» муниципальнай тэриллии баһылыга.
- Березкин Семен Максимович – СЈ народнай депутата, «Стерх» акционернай компания генеральнай директора.
- Плесовских Юрий Гертурович –ХГУЭиП ректора
- Бей Ку Сен Владимир Николаевич – Хабаровскай кыраай норуоттарын ассамблеятын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта, Дальнай Восток, Сибиир кэриэйдэрин тэриллиилэрин ассоциациятын президенэ.
- Бобцов Александр Владимирович – Беларусь республикатын посольствотын секретариатын салайааччыта.
Үрдүк сололоох ыалдьыттары далбар хотуттар кыынньар кымыстаах чороонунан айах туттулар.
Никонов Г.Д. ыалдьыттары сайын кэлбитинэн, ыһыаҕынан эҕэрдэлээн туран эбэн эттэ: «Ыалдьыттары алгыһынан көрүстүбүт. Бу үгэс сайыҥҥы күн саамай муҥутуур сырдыгар, 11-12 чааска толоруллар. Сиэр-туом быһыытынан Үрдүк Айыылартан, уу-уот иччилэриттэн этэҥҥэ олорору көрдөһүү, сырдык күүстэртэн арчыланыы ыытыллар. Ыһыах аһыллыытын тэрээһинэ саха норуотун героическай эпоһын «Олонхоттон» ылылынна. Сыл ахсын ыытыллар ыһыах араас норуоттары омугуттан тутулуга суох түмэр, доҕордоһуннарар, алтыһыннарар түһүлгэҕэ кубулутан иһэрэ кэрэхсэбиллээх».
Ыалдьыттар уопсай тылынан Саха Сирэ аныгы олох хаамыытынан тэҥҥэ сайдан Уһук Илин уокурукка, Россияҕа биллэр регион буолан эрэрин, норуоттар доҕордоһууларыгар, сомоҕолоһууларыгар маннык хабааннаах тэрээһиннэр буолаллара көдьүүстээҕин бэлиэтээн туран ыһыаҕынан истиҥ иһирэх тылларынан эҕэрдэлээтилэр.
Александр Павлов күпсүүрүн тыаһынан Таатталыы оһуохайы тардан кэбистибит. Үс эргииринэн бөлөхтөһөн Уйбаан Потапов ураты куолаһыгар ходьоҥноһон, Виталий Очиров тэтимнээх эһиэкэйигэр тэптэрэн Амур өрүс кэрэ таһаатыгар араас омуктар мустаммыт ходьоҥ-идьэҥ оһуокайбытын оройуттан туттубут.
Культурнай тэрээһини сүрүннүүр режиссерунан Валентин Козлов ананан, бары кыттааччылар нүөмэрдэрэ үрдүк таһымнаахтык чочуллубута харахха быраҕылынна. Ол курдук «Доҕордоһуу» оҕо үҥкүү ансаамбыла (сал. Валентин Козлов), «Оһуор» фольклорнай, (сал. Римма Федорова), «Күн чөмчүүк» (сал. Сахаайа Колодезникова) хомусчуттар бөлөхтөрө, Ф.С. Аргунов аатынан оҕо искусствотын оскуолатын преподавателлэрэ, музыканнар Дария Попова, Александр Павлов, оһуохай таһаарааччы Иван Потапов, Виталий Очиров, ырыаһыттар Михаил Варламов, Николай Ануфриев, ыһыаҕы сахалыы үҥкүүнэн, ырыанан киэргэтэн дьон махталын ыллылар. Кэнсиэри иилээн-саҕалаан ыыттылар Марина Федорова, Петр Захаров. Альберт Попов хаартыскаҕа түһэрэн ыһыах түгэннэрин үйэтиттэ. Дьокуускайтан биир дойдулаахтарбыт Д. К. Сивцев-Суорун Омоллоон аатынан Саха государственнай опера, балет театрын солиһа СР үтүөлээх артыыһа Николай Попов, биллиилээх ырыаһыт, алгысчыт Виталий Очиров уонна РФ маастар повара, саха кухнятын мэтра, Тыгын Дархан ресторан шеф-повара, РФ атыытын-эргиэнин үтүөлээх үлэһитэ Иннокентий Тарбахов ыһыахпытыгар көмө-тирэх буолан кыттыыны ыланнар биир дойдулаахтарын астыннардылар. Дьокуускайтан СССР суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Василий Егорович Васильев – Харысхал кыттыыны ылла.
Ыһыахха атыы-тутуу дьаарбаҥкатыгар узбектар, коряктар, нанайдар, нууччалар кыттыыны ыллылар. Хабаровскайдааҕы «Туймаада Даймонд» филиала ювелирнай оҥоһуктарын атыыга таһаарда. Иннокентий Тарбахов салайааччылаах повардар бөлөхтөрө сахалыы аһынан ыһыах дьонун күндүлээтилэр.
Ыһыах иккис чааһынан спортивнай күрэхтэр, куонкурустар тэрилиннилэр. Ордук студент аймах кыттан, көҕү көҕүлүттэн туттулар. ДВГУПС, ТОГУ, ХГУЭП, ДВОИ МВД, ДВФУ- (Владивосток куораттан) үрдүк үөрэх уонна орто анал үөрэх кыһаларыттан студеннар ыһыахха кыттыыны ыллылар. Хапсаҕайга абсолютнай чемпион Харлампьев Федор — ДВФУ, «Үрүҥ Уолан» Марк Антонов – ДВЮИ, «Кыыс Ньургун» Диана Мирлан кызы – ТОГУ, «Уһун суһуох» Дария Степанова – ыалдьыт (11 сутурук. 2 тарбах), куораттар икки ардыларынааҕы Хомуур хапсаҕайга – Владивосток, «Көрдөөх оонньууларга» — ДВЮИ МВД хамаандалара бастакы буолары ситистилэр. Бириистэри «Стерх» региональнай страховой компания туруорда.
РАНХИГС 3 курсун студена СӨ «Хардыы» ыччакка ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Ньургун Скрыбыкин бу тэрээһиҥҥэ ыччаты түмүүгэ, күрэхтэри тэрийиигэ тутаах киһинэн буолла.
Бу иннинэ «салааттар ийэлэрэ Емельянова» кэлэн улахан көрсүһүүлэри тэрийбит буолан — войсковой чаастартан саллааттар ыһыахха кыттыыны ылбатылар диэн сэрэйдибит эрэ.
Төрдүс күммүт, ыам ыйын 5 күнэ. Эбиэккэ дылы куораты кэрийии. М.М. Соров студеннары кытта көрүстэ. 4 чаастан Тихоокенскай уулуссаҕа КСК «Арсеналец» диэн бэртээхэй саалаҕа босхо кэнсиэрбит өрө көтөҕүллүүлээхтик буолан ааста. Ол эрээри көрөөччү аҕыйаҕа кыратык санаабытын самнарда, баҕар саалабыт улахана бэрт буолан оннук көстүбүтэ буолуо диэн бэйэбитин уоскутуннубут.
Ыһыах кэнниттэн санаалар:
- Соров М.М.: «Хабаровскай олохтоохторо уонна ыалдьыттар да этэллэринэн, сүрдээх үчүгэй, киһи астынар тэрээһин ыытылынна диэтилэр. Ордук ыһыах аһыллыытын, дьүһүйүүнү сэргээбиттэрин астынан бэлиэтээтилэр. Ааспыт өттүгэр ыһыах аһыллыытын сиэрэ-туома толору сырдатыллыбат этэ дэстилэр. Олохтоох Хабаровскайдар саха культурата баай да эбит диэн сөҕөллөр. Дьокуускайтан биир дойдулаахтарбыт Иннокентий Тарбахов, Николай Попов, Виталий Очиров кыттыыны ыланнар тэрээһиммитин өссө киэргэттилэр. Таатталыы оһуохай аһары табылынна, хас да хос эргииринэн оһуохайдаатыбыт. Тааттабыт эрэ буолбакка, бүттүүн саха омук культуратын киэҥ араҥаҕа чиэстээхтик сырдатан, көрдөрөн кэллибит.»
- Лопатин А.П.: «Ыһыах аһыллыыта сахалыы ураты тыыннаах буолан улаханнык кэрэхсэттэ. Ол курдук Далбар Хотуттар алаадьы астаан сыт таһааран айах туттулар. Түһүлгэни кии сытын күөх буруота тунуйа көтөн көстүүнү өссө тупсарда. Уһук Илиҥҥи регион үөрэх кыһаларын студеннара түһүлгэ киэргэтиитигэр, сахалыы аска, таҥаска, спорт национальнай көрүҥнэригэр илин-кэлин түһүстүлэр. Постпредство бары үлэһиттэригэр, ыһыах тэрээһинигэр кэлиигэ-барыыга үбүлээһиҥҥэ күүс-көмө буолбут улууспут баһылыгар М.М. Соровка, суоппарбытыгар Александр Постниковка ис сүрэхпититтэн махтанабыт».
- Лукачевскай И.Д.: «Ыһыах үрдүк таһымнаахтык ааста, ыһыаҕы арыйыы сиэрэ-туома олус табылынна. Режиссерга Валентин Козловка эҕэрдэ. «Доҕордоһуу»(Сал. Валентин Козлов), «Оһуор»(сал. Римма Федорова), «Күн Чөмчүүк» (сал. Сахаайа Колодезникова) бөлөхтөр чаҕылхай талааннарынан Тааттаны ааттаттылар. Саллааттар кэлбэтэхтэрэ хомолтолоох гынан баран сулууспалыыр дьону киһи өйдүүр. Саха ыччата, студеннар дойдуларыттан тэлэһийэ сылдьан маннык сомоҕолоһоллоро киһини үөрдэр. Постпрестволарга махтал, чуолаан бэйэм ааппыттан кылаабынай специалистка Харбалаахтан төрүттээх Е.П. Атласоваҕа. Делегация састаабыгар киирэн сири-дойдуну көрөн, ыһыахха кыттыыны ылан кэлбиппэр, делегацияны үбүлээбит, салайбыт улууспут баһылыгар М.М. Соровка, культура отделын начальнигар А.П. Лопатиҥҥа барҕа махтал».
- Г.Д. Никонов бар-дьонугар махтала:
- «Убаастабыллаах Михаил Михайлович! Эйиэхэ, Таатта улууһун чэчирии сайдарын туһугар күргүөмнээх үлэ үөһүгэр сылдьар, үлэҕэ-хамнаска саҥаттан-саҥа сүүрээннэри олоххо киллэрэр, куруутун инники күөҥҥэ сылдьар улуус баһылыгар, быйыл сайын бэс ыйын 4 күнүгэр Хабаровскай куоракка Амур кытылыгар ыытыллыбыт норуоттар сомоҕолоһор өрөгөйдөөх Ыһыаҕар тус бэйэҕэр уонна Таатта улууһун делегациятыгар тиийэн кэлэн таһаарыылаахтык үлэлээбиккитигэр, дьоммутун-сэргэбитин биир өйгө-санааҕа түмүүгэ күүс-көмө, өйөбүл буолбуккутугар үрдүктүк сыаналаан туран Дальнай Востоктааҕы Федеральнай уокурукка Саха Өрөспүүбүлүкэтин Мэлдьи үлэлиир Бэрэстэбиитэлэстибэтин аатыттан дириҥ махталбын тиэрдэбин! Баҕарабын Эһиэхэ кытаанах доруобуйаны, дьоллоох-соргулаах байылыат олоҕу! Үтүө дьыалаҕыт куруук ситиһии үктэллээх буоларыгар, инникитин да дьон-сэргэ махталын ыла тураргытыгар баҕарабын».
- Уһук Илиҥҥи уокурукка СӨ Мэлдьи үлэлиир бэрэстэбиитэлэстибэтэ Г.Д. Никонов салайааччылаах 10 киһилээх хамаандалаах. Владивостокка, Благовещенскайга алын хонтуоралардаах. Эһиил 25 сыллаах үбүлүөйдэрин бэлиэтээри сылдьаллар. Тааттаттан Е.П. Атласова, Е.А. Кириллина, Чөркөөх күтүөтэ Д.А. Антонов специалиһынан үлэлииллэр.