Судаарыстыбаннай деятель Максим Аммосов 125 сылыгар, ахсынньы 22 күнүгэр, «Триумф» спортивнай комплекска ХИФУ бастыҥ устудьуоннарыгар «Аммосов» бириэмийэни туттардылар.
Наҕараадалааһын «Дорогой яркого Максима» көрдөрүү кэмигэр буолла, суруйар СИА.
Сылын аайы бэриллэр бириэмийэни алта устудьуон ылла. Кинилэр үөрэхтэригэр, научнай-чинчийэр үлэлэригэр, общественнай, спортивнай, культурнай-айар уонна волонтерскай үлэҕэ бастыҥнар.
«Биһиги университеппыт Максим Аммосов аатын дьоһуннаахтык сүгэр, тоҕо диэтэххэ үөрэх кыһата чахчы чаҕылхайдык сайдар. Төлөннөөх, чаҕылхай, эдэр, энергиялаах Максим Аммосов курдук биһиги университеппыт дойдубут сайдыытыгар сирдиир сулус буолан тыгарыгар эрэллээхпит», — диэтэ ХИФУ ректора Анатолий Николаев.
Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА
This post was published on 23.12.2022 16:01 16:01