«Амма» региональнай суол учаастагар атырдьах ыйыттан асфальт ууран саҕалаатылар. Саха сиригэр биир сүрүн айан суолун тутуутун туһунан атырдьах ыйын түмүктүүр биэриигэ, өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев кэпсээтэ.
«Аммалыыр суол оҥоһулларын оройуон эрэ олохтоохторо буолбакка, бүтүн Саха сирэ кэтэһэр. Асфальт бүрүйүүнү үгүс олохтооҕо Мэҥэ- Хаҥалас Майа сэлиэнньэтиттэн Амма оройуонун Чапчылҕаныгар диэри ууруохтара. 159 км уһуннаах үлэ 2028 сылга түмүктэниэхтээх. Эбийиэк сыаната-17 млрд солк. тахса. Сорох учаастактарга букатын саҥа суол тутуллуоҕа. Тоҕо диэтэргинйү, сорох сирдэринэн асфальт ууруллар нормативтарыгар суол эппиэттээбэт. Үлэһиттэрэ сорук туруорунан дьоһуннаахтык сыалларын ситиһиэхтэрэ диэн эрэнэбин», — диэн өрөспүүбүлүкэ баһылыга бэлиэтээтэ.
Айсен Николаев этэринэн, быйыл Мэҥэ- Хаҥалас уонна Амма оройуоннарыгар 10 км суол асфалланыаҕа. Салгыы тутуу үлэлэрэ 2028 сыл бүтүөр диэри ыытыллыахтара. Суолу өрөмүөннээһин «куттала суох хаачыстыбалаах суол» национальнай бырайыак чэрчитинэн барар.