Аммалар олоҥхону ааҕыы түһүлгэтигэр ыҥыраллар

Быйыл Амма улууһугар өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕа буолар. Киэҥ ыҥырыылаах улахан түһүлгэҕэ бэлэмнэнии уонна анабыл дьаһаллар сылы эргиччи ыытыллаллар.

«Олунньу 10 күнүгэр сарсыарда 10:00 чаастан Амма нэһилиэгин Айыы дьиэтигэр Дойдуга дьиэ кэргэн, Сахабыт сиригэр оҕо саас, Амма улууһугар олоҥхо сылын чэрчитинэн төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр аналлаах дьиэ кэргэнинэн олоҥхону ааҕыы түһүлгэтигэр истиҥ истээччи, сэргэх сэҥээрээччи буола кэлэргитигэр ыҥырабыт!» диэн тэрийээччилэр Амма олоҕо хаһыат телеграм-ханаалыгар суруйдулар.

This post was published on 09.02.2024 12:38 12:38