Амма улууһун бары нэһилиэктэригэр СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников салайааччылаах отчуоттуур бөлөх икки хайысханан үлэтин саҕалаата. Ол курдук бастакы бөлөх (салайааччы С.В. Местников) Амма Наахара, Болугур уонна Покровка нэһилиэктэригэр сырытта, диэн «Амма олоҕо» хаһыат суруйар.
Болугурга тыа хаһаайыстыбатыгар кадр боппуруоһа сытыырхайбыта, ынах сүөһү төбөтүгэр бэриллэр субсидия, киин ититэр ситимҥэ холбонуу уо.д.а боппуруостар олохтоохтору олус долгутар. Маныаха Бырабыыталыстыба болҕомтотун хайаатар да уурарыгар санааларын тириэртилэр. Ону тэҥэ “Амма” региональнай таһымнаах айан суолун өрөмүөнүн эмиэ таарыйдылар. Бу боппуруостарга барытыгар Сергей Местников, улуус баһылыга Степан Кузьмин уонна туһааннаах тэрилтэлэр салайааччылара сиһилии эппиэттээтилэр.
“Эһиги ыйытыыларгыт олох төрдүттэн олохтоох ыйытыылар. Күннээҕи боппуруостар буолбатах. Тыа сирин сайдыытыгар туһаайыллыбыт ыйытыыларгыт биһигини тургутан көрдүлэр диэххэ сөп. Этиилэргит бары сөптөөхтөр. Өрүс сүнньүгэр олороргут быһыытынан айылҕа боппуруоһа долгутар, ону биһиги сөпсөһөбүт уонна Бырабыыталыстыба таһымыгар көрөн айылҕабытын харыстыыр, инники көлүөнэҕэ тириэрдэр соруктаах дьон буолабыт. АЗС боппуруоһа сир аайы турар боппуруос буолбатах. Эһиги нэһилиэккитигэр, Покровка-Болугур-Амма Наахара хайысхатыгар сытыытык турар боппуруос диэн Бырабыыталыстыба таһымыгар өйдөөтүбүт. Манна үлэлэһиэхпит. Спортсаалаҕа бырайыакка улуус, нэһилиэк дьаһалтатын кытта үлэлэһиҥ”, — диэн эттэ бөлөх салайааччыта түмүктүүр тылыгар уонна олохтоохторго бэйэтин махталын биллэрдэ.
Покровкаҕа сүрүннээн тыа хаһаайыстыбатын боппуруостара турдулар. Ол курдук “Амма” ААО дириэктэрэ Роман Спасьев уонна уопсастыба кэтээн көрөр Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Ольга Огурешникова кинилэр оҥорон киллэрбит сиэмэ бурдугунан өрөспүүбүлүкэни хааччыйыы бырагырааматын ылыналларыгар көрдөстүлэр. Ити курдук покровкалар эмиэ төбөҕө бэриллэр, хаһаайыстыбаларга көрүллэр субсидия барыытын механизмын уларытыы, тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр үлэлиир ыччат суох кэриэтэ буолан иһэрин, сүөһүлээх дьоҥҥо сир учаастагын биэрии, квартальнай хочуолунайы саҥардыы, гаастааһын уонна биллэн туран саҥа оскуола-сад тутуутун, дьон маассабай спордунан дьарыктаныытын уонна да атын боппуруостары көтөхтүлэр.
«Амма олоҕо» хаһыат
This post was published on 15.02.2024 17:01 17:01