Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр төрөөбүт төрүт тылга анаммыт декадаҕа Амма ыччата көхтөөхтүк кыттар. Бүгүн эдэрдэр алгыстаннылар.
Бүгүн, олунньу ый 12 күнүгэр, Амма эдэр ыччатыгар анаан «Күрүө туттар» улахан алгыс ыытылынна. Тэрээһини Амма нэһилиэгин Айыы дьиэтин салайааччыта Петр Неустроев-Эрэл Эркин иилэн-саҕалаан ыытта. «Алгыс» түмсүү салайааччыта Людмила Ноговицына-Аммачаана ыччакка анаан алгыс түһэрдэ.
Алгысчыт Петр Неустроев этэринэн, бу ыйга Одун Хаан айыы чугаһыыр. «Күрүө туттуута диэн бэйэҕэ куһаҕан санааны, быһа этэр тылы уонна ыарыыны киллэрбэт буолуу«, — диэтэ кини.
Мустубут дьон алгыстанан, арчыланан, ыраастанан, сүргэлэрэ күүһүрбүтүн эттилэр. Тэрээһин саха тылын күнүн уруйдуур-айхаллыыр оһуохайынан түмүктэннэ.
Улуус дьаһалтатын үлэһиттэрэ көхтөөх кыттыыны ыллылар.
This post was published on 12.02.2021 16:52 16:52