Амма уонна Дагестан: уон сыллаах үлэ уопута

Николай Захаров-Сахаачча аатынан Амматааҕы оҕо спортивнай оскуолатын көҥүл тустууга тренерэ Илья Анатольевич Солдатов саха тустуутун сайыннарар соруктаах үлэлии-хамсыы сылдьар.


Илья Солдатов тренерскэй үлэтин 1992 сыллаахтан төрөөбүт Эмиһин нэһилиэгиттэн саҕалаабыта. Тренер 24 сыл устата үлэлээн кэлбит үлэтин кэрдиис кэмин сүрүн хайысхатынан Дагестан республикатын Хасавюрт куоратыгар баар «Спартак» оҕо спортивнай оскуолатын кытта бииргэ үлэлээһинин ааттыыр.

Оччолорго Амматааҕы оҕо спортивнай оскуолатын директорынан үлэлээбит Никандров Егор Афанасьевыһы кытта тустуу саамай сайдыбыт, күүстээх спортсменнары иитэн таһаарар дойдуну кытта бииргэ үлэлээбит, сибээс олохтообут киһи диэн элбэхтик толкуйдуур, кэпсэтэр этибит. Ол сорукпутун 2006 сыллаахха олоххо киллэрбиппит. Егор Афанасьевич интернет нөҥүө Дагестан республикатын Хасавюрт куоратыгар баар «Спартак» оҕо спортивнай оскуолатын кытта сибээстэһэн, биһиги оҕолорбутун дьарыкка илдьэ барарбытын ситиспитэ. Ол саҕана Кавказка ыарахан быһыы-майгы үөскээн турар кэмэ этэ. Улахан кыһалҕата суох дьон бара сатаабат балаһыанньалара этэ. Ону ол диэбэккэ, Амма улууһун баһылыга Александр Еремеевич Артемьев, улуустааҕы үөрэх управлениетын начальнига Любовь Васильевна Заварзина, эрчийэр уолаттарбыт төрөппүттэрэ, Амма улууһун тэрилтэлэрэ, чааһынай урбаанньыттар биһигини сүрдээҕин өйөөбүттэрэ. Бары көмөлөһөн, биһиэхэ итэҕэйэн, 2006 сыллаахха бэс ыйын 30 күнүттэн от ыйын 21 күнүгэр диэри Сахаачча аатынан спортивнай оскуола 16 иитиллээччитэ, Хасавюрт куоракка бастакы дьарыкпытын барбыппыт, — диэн кэпсиир тренер Илья Анатольевич.

«Спартак» оҕо спортивнай оскуолата – Хасавюрка бастакы спортивнай оскуола. Бу оскуоланы төрүттээччи уонна иилээн-саҕалаан үлэлэтээччи Алихан Джамалдинов — Россия үтүөлээх тренерэ, Дагестан республикатын уонна Россия физическэй культуратын, спордун үтүөлээх үлэһитэ, Норуоттар Доҕордоһууларын орден кавалера.

Алихан Джамалдинов биһиги биир дойдулаахтарбытын, Амма дьонун Николай Михайлович Давыдовы, Николай Захаровы-Сахааччаны олус үчүгэйдик билэр эбит. Саха норуотун, тустуутун олус ытыктыыр киһи. Алихан Джамалдинов төрүттээбит оскуолатын үөрэнээччилэрэ биллэр ааттаах-суоллаах тустууктар: Олимпийскай чемпионнар бырааттыы Бувайсар, Адам Сайтиевтар, Мурад Умаханов, Эльмади Жабраилов, Мавлет Батиров, Махач Муртузалиев, Рамазан Ирбайханов, Джамал Отарсултанов Олимпийскай оонньуулар призердара Эльмари Жабраилов, Махач Муртазалиев, Мурад Гайдаров. Өссө алта Аан дойду, Европа сэттэ чемпиона, ССРС тоҕус, РСФСР 16 чемпионнарын иитэн таһаарбыт, — диэн кэпсиир Илья Анатольевич.

Амма эдэр бөҕөстөрө 2006 сылтан олохтоммут сибээстэн ситимнэнэн, аҕыс сыл тохтоло суох сайын аайы Хасавюрт оскуолатыгар анал эрчиллиини ааспыттара. Амматааҕы оҕо спортивнай оскуолатын билиҥҥи директора Ефимов Эдуард Васильевич олохтоммут сибээһи өйөөн, чаҕылхай тустууктары иитэн-үөрэтэн таһаарар оскуолаҕа Амма тустууктара 2015 уонна 2016 сылларга эрчиллиини аастылар.

Уон сыл устата Амма уонна Дагестан оҕо спортивнай оскуолаларын икки ардыларыгар ситимнэнэн барбыт үлэ туох түмүгү биэрдэ?

Хасавюрт оскуолатыгар олохтоммут сибээс бастакы сылларыттан хас да сайын баран дьарыктаммыт Амма уолаттара билигин саха тустуутун үрдүк кыайыыларга сирдииллэр, тустуу сайдарыгар кылааттарын киллэрэллэр: Герман Устинов пляжнай тустууга Аан дойду чемпиона, Россия эдэрдэргэ иккис миэстэлээх, улахан дьоҥҥо аан дойдутааҕы турнирга үһүс миэстэлээх, Дмитрий Коркин аан дойдутааҕы турнирыгар үһүс, иккис миэстэлээх (2015, 2016 с), Георгий Окороков Россия эдэрдэргэ, Европа, республика эдэрдэргэ чемпиона, Н. Тарскай бирииһигэр улахан дьоҥҥо үһүс миэстэлээх, Владимир Егоров Россия оҕолорго үһүс, Турцияҕа ыытылылбыт Аан дойдутааҕы турнирга икки төгүл үһүс миэстэлээх (2011, 2013 сс.), Курамогомед Курамогомедов аатынан Бүтүн Россиятааҕы турнирга бастакы миэстэлээх (2013 с.), Преображенскай Бүтүн Россиятааҕы турнирыгар үһүс миэстэлээх (2014 с.), Дальнай Восток икки төгүллээх чемпиона, Македонияҕа бастыыр иһин күрэхтэһии чемпиона (2016 с.), Германия «Бундеслиги» клубнай чемпионатын үрүҥ көмүс призера (2016 с.), Георгий Кычкин Россия үөрэнээччилэрин спартакиадаларын кыайыылааҕа, V «Азия оҕолоро» оонньуулар чемпиона, Семен Матвеев Россия оҕолорго үһүс призера, V «Азия оҕолоро» оонньуулар үһүс миэстэлээх, Валентин Судинов СР уолаттарга чемпиона, Курамогомед Курамогомедов аатынан норуттар икки ардыларынааҕы турнир 2015 с. кыайыылааҕа, Каспийскай куоракка Дальний Востокка эдэрдэргэ кыайыылааҕа.

Хасавюрт оскуолатыгар сэттэ сыл субуруччу эрчиллиини ааспыт билигин туспа суоллаах-иистээх, биллэр тустуук Герман Устинов ийэтэ Туяра Петровна: «Герман тренерин Илья Анатольевыһы кытта Дагестаҥҥа биир да сайыны көтүппэккэ сэттэ сыл устата эрчиллиини ааспыта. Онон кини билиҥҥи ситиһиилэрин төрдө итиннэ сытар диэн мин сыаналыыбын. Оҕо эрдэҕиттэн Кавказ тустууктарын көрөн, кинилэр опыттарын иҥэринэн сайдыбыта саарбаҕа суох. Билигин анны бэһис кылааска үөрэнэр уолбут Прохор Дагестаҥҥа баран эрчиллэр. Амматааҕы оҕо оскуолатын тустууга үлэтин бу көрүҥүн биһиги дьиэ кэргэн олус биһириибит», — диэн санаатын үллэстэр.

Хасавюрт оскуолатыгар оҕо сылдьан биэс сыл субуруччу эрчиллибит Владимир Егоров: «Наһаа итии дойду этэ. Ону кытта күүстээх дьарык буолааччы. Таһыттан иһиттэн барыта ип-итии. Онон эт-хаан, өй-санаа өттүнэн ынырыктыктык буспуппут-хаппыппыт. Каспийскай муораҕа сөтүөлээн, фрукта бөҕөтүн сиэн күүс-сэниэ ылар этибит. Кыра эрдэхпититтэн маннык сборга сылдьан атын омук оҕолорун кытта дьарыктанан, сайыннахпыт аҕай дии. Илья Анатольевич биһиэхэ оҕо эрдэхпититтэн тустуу туһунан өйдөбүлү олус киэҥник хабан иҥэрбитэ билигин олус туһалыыр», – диэн этэр.

Амма уонна Дагестан оскуолаларын бииргэ үлэлээһиннэрин сибээһин салгыырга саҥа көлүөнэ тустууктар кэллилэр. Бу уолаттар билигин саастарынан төһө да кыраларын иһин, кинилэр ортолоругар хайыы-үйэ республика чемпионнара бааллар. Кинилэр кыайыылара, ситиһиилэрэ – иннилэригэр. Амма 1 №-дээх орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ Миша Нестерев Хасавюрт оскуолатыгар икки сыл субуручу дьарыктанна. Кини көҥүл тустууга Павел Пинигин бирииһигэр турнирын былырыыҥҥы чемпиона. Ийэтэ Мария Садоковна үлэ бу көрүҥүн олус өйүүр: «Оҕо маннык дьарыкка сылдьан бастакы уочарат характера хатарыллар. Күннээҕи режимы тутуһа үөрэнэр. Эппиэтинэстээх буолар. Оруобуна фрукта барыта ситэр кэмигэр бараллар. Онон 20-чэ хонук устата фрукта арааһын сиэн, битэмиин бөҕөтүн иҥэринэн кэлэллэр. Улаатан эрэ оҕолор буолан, бэйэлэрин тренердэрин үлэлэрин, бэйэлэрин саастыылаахтарын тэҥнээн көрөргө үөрэнэллэр, бэйэлэрин туруктарын ырытан билэллэр. Илья Анатольевич ыытар үлэтин, Дагестан оскуолатын кытта бииргэ үлэлээһини оскуолабыт директора Э.В. Ефремов наһаа өйүүр. Онон тренер үлэтэ өссө таһаарыылаах буоларыгар эрэнэбит уонна бары өттүнэн өйүүбүт, көмөлөһөбүт».

Амма 1 №-дээх орто оскуолатын 4-үс кылааһын үөрэнээччитэ Айысхан Сергеев аҕыс оҕолоох ыал оҕото. Хасавюртка икки сайын субуруччу дьарыктанна. Ийэ киһи Марианна Игорьевна оҕотун кэтээн көрөрүнэн, бу икки сыл устата Айысхан өй-санаа, билии-көрүү, эт-хаан өттүнэн олус сайдыбыт. «Уолум Дагестан бастыҥ оскуолатыгар эрчиллэ барарыгар Бөтүҥ нэһилиэгин дьаһалтата, баһылык С.В. Борисова, биир дойдулаахпыт Нь.К. Неустроев олус көмөлөһөллөр», — диэн ийэ махталын биллэрэр.

Павел Пинигин призера Андрей Мидловец сэттэ оҕолоох ыал иккис оҕото. Чапчылҕан оскуолатын 6-ыс кылааһын үөрэнээччитэ. Ийэтэ Матрена Васильевна: «Оҕом икки сыл устата Дагестаҥҥа эрчиллэн, тустууну олох атын өттүттэн көрөр буолла, лаппа сайынна. Андрей барарыгар-кэлэригэр Чапчылҕан нэһилиэгин дьаһалтата олус көмөлөһөр», — диэн кэпсиир.

Кыра эрдэҕиттэн тустууну өрө тутар Арылхан Аммосов Амматааҕы лицей 5-ис кылааһын үөрэнээччитэ. Дагестаҥҥа эмиэ икки сыл субуруччу дьарыктанна. Ийэтэ Марфа Петровна: «Оҕобут сөбүлүүр дьарыгын тэҥҥэ тутан сайдарыгар бары кыахпытын ууран өйүүбүт. Илья Анатольевич Дагестан оскуолатын кытта уон сыл бииргэ үлэлээн, онно дьарыктаммыт уолаттар тустууга улахан ситиһиилээхтэр. Онон үлэ бу көрүҥэр көлүөнэ ситимэ баар», — диэн этэр.

Тренер үлэтин түмүгэ – кини иитиллээччилэрин ситиһиилэрэ. Онтон хас биирдии чемпион оҕо кэннигэр кини төрөппүтэ турар. Бу Илья Анатольевич тренерскэй үлэтигэр туһанар сүрүн тутула.

Мин оҕолор төрөппүттэригэр махтанабын, оҕолорун миэхэ итэҕэйэллэрин, өйүүллэрин иһин. Дагестаны кытта бииргэ үлэлээһиммит төрөппүт өттүттэн өйөбүлү ылбатаҕа буоллар олоххо киириэ суоҕа этэ. 20-чэ күн устата оҕолор «Спартак» оскуола тренердэригэр дьарыктаналлар. Хасавюрка «Спартагы» ааҕан туран, барыта биэс тустуу оскуолата баар: Гамидов, Умаханов, Сайтиев, Ирбайханов оскуолалара. Оҕолорбутун кытта бу биэс оскуоланан сылдьан эрчиллэбит. Дьарыкпыт тухары «Спартак» оскуола интернатыгар олоробут. Онно аһыыбыт. Астара олус үчүгэй. Оҕо күннээҕи ылыахтаах нуорматын битэмииннэрэ барыта учуоттанар. Эбии фрукта арааһын атыылаһан, кыайа-хото сиибит. Сыаната олус чэпчэки – арбуз киилэтэ 6 солк., дьаабылака 30 солк., виноград – 30 солк., грецкай эриэхэ таах үүнэн турар. Наар эрчиллиинэн эрэ муҥурдаммаппыт. Экскурсияларга эмиэ сылдьабыт. Холобура, быйыл Грознай куоракка баран кэллибит. Уон сыл устата Амматааҕы оҕо спортивнай оскуолатын, кини филиалларын тустууга тренердэрэ – Егор Петрович Скрябин, Михаил Михайлович Неустроев, Василий Дмитриевич Максимов, Сергей Андреевич Тихонов Дагестан бастыҥ оскуолатын үлэтин-хамнаһын кытта билсэн, уолаттары кытта бииргэ дьарыкка сылдьан, уопут атастаһан кэллилэр. Дагестаны кытта үлэбит салҕанар. Саамай кылаабынайа – бары өттүтэн өйөбүл баар, — диэн кэпсиир тренер И.А. Солдатов.

This post was published on 19.10.2016 16:11 16:11