Амма өрүһүнэн 10 тыһыынча туонна чох, Бүлүү өрүһүнэн 87 тыһыынча туонна таһаҕас, ону таһынан 56,5 тыһыынча туонна чох, 30,3 тыһыынча туонна ниэп бородууктата, итини кытта 1,3 тыһыынча туонна метанол тиэрдилиннэ. Былааннаммыт таһаҕаһы толору кээмэйинэн тиэрдиэхтэрэ.
Навигацияҕа, былаан быһыытынан, 1,2 мөл. туонна араас таһаҕаһы тиэрдиллиэҕэ. Итинтэн 340 тыһыынча туонна (былаантан 27,2%) тиэйиллибит, тиэрдиллибитэ — 284,5 тыһыынча туонна (22,7%). Былырыын баччаҕа 320 тыһыынча туонна (25,1%) тиэйиллибит, оттон тиэрдиллибитэ — 274,3 тыһыынча туонна (21,5%) этэ. Сотору кэминэн Арктика оройуоннарыгар навигация саҕаланыаҕа, онно 350 тыһыынчаттан тахса туонна тиэрдиллэрэ былааннанар.
«Былырыыҥҥы курдук бырабыыталыстыба хамыыһыйатын ураты болҕомтотугар Дьааҥы өрүскэ быыһык кэмҥэ таһаҕаһы тиэрдии буолар. Быйыл онно 154 тыһыынча туонна таһаҕаһы тиэйэр былааннанар. Таһаҕаһы тиэрдии улахан кээмэйэ Уус Куйгаҕа кыра кыамталаах атомнай ыстаансыйа тутуутугар торумнанар. «Росатом» наадыйыытанан 63,2 тыһыынча туонна таһаҕаһы тиэйии былааннанар», — диэн Дмитрий Садовников иһитиннэрдэ. Уу тырааныспарын тэрилтэлэрэ барыта 720- ча таһаҕас тиэйэр флоту үлэлэтиэҕэ. Бу үлэлэргэ тыһыынчанан киһи кыттыаҕа.
This post was published on 28.06.2024 17:03 17:03