Амма улууһун баһылыга Николай Архипов бу сарсыарда предпринимателлэри кытта атах тэпсэн олорон аһаҕас кэпсэтиини ыытта. Көрсүһүү урбаанньыттар Аан дойдутааҕы нэдиэлэлэрин чэрчитинэн тэрилиннэ.
Амма улууһун баһылыга уонна предпринимателлэр көрсүһүүлэригэр тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Ион Кононов, экономика сайдыытын уонна былааннааһын управлениетын начальнига Роман Алексеев, дьарыктаах буолуу киин директора Марфа Дмитриева сырыттылар. Ону сэргэ биирдиилээн урбаанньыттар, бизнес эйгэтин бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыны ылан, сэргэх көрсүһүү буолла.
«Улуус салайааччылара урбаанньыттарга суолта биэрэн, бу курдук „төгүрүк остуол“ тула олорон аһаҕастык, хайдах баарынан кэпсэтэллэрэ, көрсүһэллэрэ олус үчүгэй дии санаатым. Ыгыллыбакка, сэргэстэһэ олорон санааларын эппиттэрэ, биһигини истибиттэрэ икки өртүттэн туһалаах. Маннык көрсүһүүлэргэ урбаанньыттар кыһалҕаларын, баҕа санааларын чугастык истэллэр, ылыналлар. Ол да иһин буолуо, өр баҕайы холкутук кэпсэттибит, ким да тарҕаһыан баҕарбата», — диэн этэр улуус Мунньаҕын предпринимательствоҕа хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Людмила Куприянова.
Баһылык Николай Архипов: «Бары бииргэ улууспут сайдыытыгар үлэлээтэхпитинэ кыайыылаах буолуохпут. Онон санаабытын холбоон, бииргэ үлэлиэҕиҥ«, — диэн ыҥырда.
Сарсыардааҥы сылаас чэй иһэ-иһэ буолбут аһаҕас кэпсэтиигэ предпринимателлэр баар кыһалҕаларын кэпсээн, бэйэлэрин былааннарын билиһиннэрдилэр. Холобура, Артур Захаров слайдынан бэйэтин тимиртэн оҥоһуктарын көрдөрөн кэпсээтэ, салгыы кэҥииригэр миэстэ наада диэн этэр. Болугуртан маһынан дьарыктанар Федор Григорьев оборудование ылынарыгар көмө көрдүүр. Ити курдук бэйэ дьыалатынан дьарыктанааччылар улуус дьаһалтатыгар туһаайан, ону салалта истэн, төһө да үп-харчы кырыымчык буоллар, кыах баарынан көмөлөһө сатыахпыт, бырагыраамаҕа киллэрэн болҕомтоҕо ылыахпыт диэн санааларын тириэртилэр.
Ааптар: «Амма олоҕо» хаһыат, Амма улууһа
This post was published on 21.11.2019 12:39 12:39