Амма улууһун баһылыга: Өлүөнэ муостата — илин эҥэр олохтооҕун ыра санаата

Амма улууһун баһылыга Николай Архипов Өлүөнэ муостатын тутуу өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар элбэх кыаҕы үөскэтэр, ордук илин эҥэрдэргэ диэтэ. Ол туһунан ulus.media саайтка сигэнэн СИА суруйар.


Өлүөнэ муостатын тутуу — Саха сирин олохтоохторо өр күүппүт событиелара. Тута элбэх кыһалҕалаах боппуруос быһаарыллар. Ордук илин эҥэр улуустар олохтоохторугар, ол иһигэр аммаларга. Сылын аайы күһүн-саас суолбутугар эрэйдэнэбит. Биллэн турар, билигин салгын сыттыктарынан айаннаан, алтьернатива баар курдук. Ити эрээри бу олус ороскуоттаах. Куоракка киириини-тахсыыны киһи эрэ уйунар кыахтаах буолбатах. Ордук дьиэ кэргэттэргэ кыһарҕаннаах. Сүрүн табаар, эмп-том, тутуу матырыйаала Дьокуускайтан таһыллар. Онон социальнай суолталаах боппуруостарга охсуулаах. Биһиги муоста тутуллуутугар олус үөрэбит. Сылы эргиччи хааччаҕа суох суолланарбытын күүтэбит”, — диэтэ Николай Архипов.

This post was published on 02.12.2020 18:01 18:01