Амма улууһугар уот линиятын ситиһиилээхтик өрөмүөннээтилэр

Энергетиктэр Амма оройуонугар уот ситимин чөлүгэр түһэрдилэр. Чэппиэртэн бээтинсэ түүн Амма РЭС биригээдэтэ «Сулҕаччы-Амма»  алдьаммыт 35 кВ уот линиятын өрөмүөннээтилэр. Билиҥҥитэ уота суох олорор киһи суох диэн, электрическэй ситим киинин пресс-сулууспатыгар иһитиннэрдилэр.

Уот линиятын чөлүгэр түһэрии үлэлэрин кэмигэр. үгүс олохтоохтору «Амма» резервнэй дизельнай электростанциятыгар көһөрбүттэрэ. Оройуон сорох олохтоохторо тарҕатар ситимитэн уоттанан олорбуттара.

This post was published on 07.10.2022 10:05 10:05